?л??-тиллии икки ардынан
Шрифт:
– Бай даа?! Мин ол уокка баран и?эн таба этигэр т?бэстим.
– Баалаан, Байанайы? ?л??т?н а?аллы? эрэ, хайа ??дэн…
– Сарсын ханан умайарын к?рд?р??р эрэ. Туох дьикти уота умайар ба?айыный. Иккиэн, ба?ар, биир уоту к?рб?пп?т буолуо.
Сарсыныгар о?охторун туттарар боробулуохаларыгар илимнэрин а?аар у?угун баайан туундара диэки субуйа тардан тимир турбаларга иилэ быра?аллар. Бу турбалары Тиксииттэн мээнэ со?успатах эбит, син к?дь??стээн эрдэхтэрэ. Куруппааскылар хойуутук и?иннэхтэринэ, бу быстарыктан чахчы быы?ыа этилэр.
Б?г?н Уйбаан ?р??р, ?ч?гэйдик сынньанар санаалаах аа-дьуо
– Табалаар-табалар!
Арыы ????н диэки налыы хотоол туундара?а табалар ар?ам-тар?ам мэччийэ сылдьаллар эбит. Ки?и ханна да ??мэн чуга?ыыр сирэ суох. Таах ымсыырдар бы?ыылаахтар, эрэйдэммиккэ остуойута суох буолуу?у.
– О?олоор, ба?ар, чуга?ыахтара, мээнэ с??рэкэлэ?имэ?. Хараххытын быра?а сылдьы?. Хас таба баарын билэ сатаа?.
Ол эрээри ээр-сэмээр бары табалартан харахтарын араарбакка кэтэ?э-мана?а сырыттылар. Кэмниэ-кэнэ?эс а?алара тулуйбата:
– До?ор, саабын, батарантааспын та?аар эрэ. То?о кы?ыытай, ??мсэн к?рб?т ки?и.
– Уйбаан, бастаан туо?апкалаан к?рб?кк?н дуо? Биэрэстэни кыайбат сири ылыа дуо?
– Ити ымсыырбыт санаа?ар чугас курдуктар. Хотоол сир хоннохтоох буолааччы.
– Чэ, оттон боруобалаа ээ, ба?ар, биир эмэ табыллаарай.
– Таах кыыллаан кэби?эбит эрэ, хайдах эрэ. Боруобалыахха да?аны. Эн бинокулунан хайдах хамсаналларын к?р?н этэн биэрэн и?ээр.
Били сирэр буулдьа сааларын кытта туо?апканы Шура холбуу тутан та?аарар.
– Бар, а?а? хайы?арын, быатын бэлэмнээ, – диэн уолугар соруйар.
– На?аа бэлэмнэнимэ эрэ…
– Чэ, та?аардын-та?аардын. Оол ?р? чоло?нооччу, араа?а, буур бы?ыылаах, онтон арыый бэттэх турары ытан к?р.
– Хайа? – Уйбаан биирдэ «чус» гыннаран баран ыйытар.
– Хамнаабатылар. ?сс? ыт.
– Ити аата биэрэстэттэн ордук эбиттэр. Арыый чуга?ыах эрэ. Эн чоло?но?оллоро элбээтэ?инэ сибис гынаар.
Иккиэн с??счэ хаамыы и?ирдьэ киирэллэр.
– Уйбаан, ыт-ыт! Хамсыах курдуктар. ?ок! Били ты?ы эмискэ ходьох гынна!
– Т?б?т?н хайа диэки хайы?ыннарда?
– Иннин диэки биирдэ ойдо.
– Ол аата буулдьа кэннинэн чу?ууран ааспыт. Бэйи, ити буолла?ына…
– ?ок! Тобуктуу т??ээт, ойон турда. Атыыры тула с??рэкэлиир. Атыттар букатын кы?аллыбаттар.
– Итиччэтигэр, ыппахтыы т??эрбит буолуо. Дьэ, до?ор, туо?апкабыт ту?алаары гынна ээ.
– Улаханнык са?арыма. Ол атыыр кэннинээ?ини ыт. К?рд?? дуо? Икки кэлин ата?ынан ?р? тэбэн ылла буолбат дуо?
– К?рд?м да, ?йд??б?т?м ээ. Ити аата хайаабыт бы?ыытай? Бэйи, билигин атыыры бэйэтин м?хт?р? т????ххэ. ?ч?гэйдик к?р.
– Со?уйан кэдэс гынна.
– С?п. Итини ?йд??т?м. Арыый иннин ту?аайан аллара со?ус к?рд?хх? хайыыр эбит.
Туо?апка «чус» гынаатын кытта таба, ?р? ходьорус гынаат, иннин хоту уончата ойор. Онтон т?б?т?н илгистэ-илгистэ кэннинэн буолбахтыыр. Атын табалар бары тилигирэ?э т??эллэр.
– Чэ, Шура, тохтуохха. Араа?а, ?ч?гэйдэттилэр бы?ыылаах. Аны таах кыыллаан ыраатыннартаан кэби?иэхпит. Налыйдыннар. Сарсын сарсыарда эккирэттэхпинэ туга-ханныга биллиэ?э. Табыллыбыт буоллахтарына, т??н к???й??хтэрэ, оччо?о ыттар начаас саба к?т?н ылыахтара. Хата, били этэрбэстэрин кэтэрдитэлиэх. Уксуу?унан ибиирэ т??эри? дуу, ба?ар, уста сатыылларын бопсуо?а.
Дьиэлэригэр
киирэн бэ?э?ээ??и к??стэрин тобо?ун сыпсырыйа олордохторуна, эмискэ турбалара кырылыы т??эр. Бары та?ырдьа ойон тахсан илимнэрин к?рб?ттэрэ биир куруппааскы и?нэн ?р? тилигирээн эрэр эбит. Саба сырсан тиийэн хам тутан ылаллар. Аны харахтара илимнэриттэн арахпат. Ити к?н устата хас да халы? ??р сири кырыйа к?т?р?н к?рд?лэр. Ол аайы илим?э биир-икки эрэ и?нэр, ?г?стэр субу илими кэтиэхчэ буолан и?эн, ?р? хололоон суй гына аа?ан хаалаллар.– Бу да ас, – дии-дии Уйбаан куруппааскылар т?б?л?р?н хампы ытыртыыр, – киэ?ээ??и миин баар. К?н аайы итиччэ да и?нэрэ улахан. Байылыат олоххо тиийэр дьон буоллубут.
– Оннук эрэ буоллун! – Шура биир да т??н? энчирэппэккэ ?ргээн бур?а?натар. – О?олорум аа?а т?? бэриинэлэниэхтэрэ буолла?а. Таба тириитэ тэллэх кытаана?ар с?б?н эрэйдэннилэр.
– Ийээ, били уоту? умайара чуга?аата, – диэн улахан уол та?ырдьаттан быган туран ха?ыытыыр.
– Чэ, мин тахсан кэтээн к?р??м, туох уота умайар ба?айыный?
Уйбаан уола ыйбыт ту?аайыытын диэки к?рб?тэ, са?ахха со?отох сулус санньыйбыта к?ст?р. Атын сулустар к?ст??хтэрэ эрдэ. Чаас а?аара са?ахтан хара?ын араарбакка кэтиир. Сулу?а са?а?ы кытта ыпсы?ыах буолан и?эн, т?л?нн?рэр курдук ?р?тэ к?т??лээн барар. Хаар ?рд?нээ?и салгын хамсыыра кытарары барытын «уокка» кубулутар эбит. Араа?а, былыргы ?б?гэлэрбит итини к?р?-к?р? ол-бу ???йээни о?орон кэпсиир буоллахтара.
– Хайа? Уоккутун к?рд?г?т дуо? – Шура к????н хотороро буолбут, остуолугар и?ит тарда сылдьан ыйыта то?уйар.
– Ээ, дьэргэлгэн н???? сулус к?ст?р?н «уот» диир эбиппит.
– Онноо?ор тимир ылта?ыны ?рб?х курдук тэлимнэтэр этэ буолбат дуо?
– Ки?илээх чочумаастара ыраахтан кырдьык-хордьук хамсыыр курдук буолааччылар.
– Ол и?ин «Ки?илээх» дэммит дуо? – уоллара ыйытан чап гыннарар.
– Ба?ар, буолуо. ?р?? дьонноо?ун и?ин эмиэ ааттыахтарын син.
– Оччо?о «Дьонноох» диэ этилэр, – диэн уол иннин биэрбэт.
– То?о эрэ «Таастаах» диэбэтэхтэр.
– Ба?ар, «Иччилээх» диэбит дь???ннэрэ ини. Дьэ эрэ, эрэстэрээ??э да дэ??э к?ст?р аста боруобалыа?ы?. Сап са?аттан сал?анан тот олоххо ?ктэнэр дьон буоллубут. Дойдубут иччитин эрэ кэлэппэтэрбит.
– Би?иги иннибитинээ?илэр кэлэтэннэр, ма?най утаа аты?ырыы к?р?стэ дии санаабаккын дуо?
– Суох. Би?иги к???н эрдэ бу дойдуну булбуппут буоллар, муннубут тыбыырбакка кыстыахтаах этибит. Ки?илээхтэр ки?илии к?рс?бэккэлэр эрэйдээтилэр. Хара сиргэ этэ??э ?ктэннэхпитинэ, ким бу дойду дьи?нээх ха?аайына буоларын к?р??хп?т. Бачча киэ? дойдуттан к???н? оонньообуттарын к?рд?р?лл??. Дьону итирдэ-итирдэ хаартылыылларын ыраас мууска та?аартаан тэйиэм.
Сарсыарда, дьоно тура иликтэринэ, Уйбаан ыттарын к?л?йэн хотоол диэки к?т?тэн хаалар. Олохтоох таба ханна сир ?т??й, хотуттан со?уруу сы?аллан истэхтэрэ. Ону хотоол н??л отугар киллэрбэккэ кыйдаталыы сылдьыбыт бы?ыылаах. Сэрэйбит курдук, ?с таба ??рдэриттэн ыраах быстан мэччийбитэ буола сылдьар. Олору бы?а охсон ыллахха, ??рдэригэр холбо?о сатаан, саа тэбиитигэр киирии?иктэр.
Ыттарын ыраа?ынан салайан, санаабытын курдук, бы?а с??рдэн истэ?инэ, табалар ????н ыт иннин бы?аары батыччахта?ан субу а?ыла?ан саа?а утары кэлэн биэрэллэр.