Урут бобуллубут айымньылар
Шрифт:
Манаах хара лэ?кэйбит бэргэ?элээх, к?лб??э?и уоппут курдук у?ун бытыктаах, хара?а муу?у кыбыппыт курдук к??х, мунна хонто?ор, уо?а кы?ыл эбит.
Онтон арай чардаат диэки дьон са?ата мээлэ аймана т?стэ. Мин, бэчимэбин бара?ан баран, ол диэки с??рэн тиийдим. Му?халаах тойоммут Томторук о?онньор ??лээннээхтэрин кытта сыар?а?а арыгылыы олорор эбит. Итирик-кутурук мээлэ элбээбит. Биир итирбит, ма?ан туос этэрбэстээх ха?аак, кимиэхэ да?аны ис буолбакка, к?р?лээн эрэр эбит. Ырыата-тойуга, ??хс??тэ мээлэ ?ксээбит. Били ха?аак, ??к??лээтэ?им буолан, ыстанан кэллэ да, биир хаарыс сонноох саха дьахтарын, илиититтэн харбаан ылан, эргичитэн а?алан, мууска тиэрэ быра?ан кэбистэ. Ол гэннэ ыллыы-ыллыы арыгы и?э олорор дьон диэки ыста?алыы турда. Ону
– Ити кыайар уола с?г?ннээмээри гыммыт ээ, бада?а, – дэстилэр Томторук уолаттара, чардаат аллара туран…
– Дьэ, с?рдээх ки?и, до?ор, ити ха?аак! – диэтэ Борокуопай.– К?р эрэ, Уйбааны эбэтэ эмээхсин булбут.
Мин ону ?йд??н к?рб?т?м, Уйбааны итирбит нуучча эмээхсинэ ?р? к?р?н туран са?арар: «То?ойум о?ото, то?ойум о?ото, оннук буолбат дуо?»
Уйбаан буолла?ына, абаа?ы к?рб?т ки?и бы?ыытынан, иэдэс биэрэн баран, тугу да са?арбакка, би?и диэки а?ыннарыах курдук к?р?н турда. Ки?ибит то?мут, аччыктаабыт бы?ыылаах, – ??т?н тохпут о?о курдук буолан хаалбыт. Мин аттыгар тиийэн: «Уйбаан, ити эбэ? эмээхсин дуу?» – диэн к?лэ-к?лэ ыйыттым. Онуоха Уйбааным ???ргэннэ бы?ыылаах: «К?т?р? ким билэр, абаа?ы кыы?ын курдук ба?айы булла дии!» – диэтэ, муннунан сы?сыйан баран.
– Дьэ, с?рдээх дь???ннээх ки?и, итирбит буола-буола! – диэтэ Борокуопай.
Ити итинэн ааста.
Му?ха тахсыытыгар дьон бары чардааты тула ?м??р?ст?лэр. Манаахпыт чардаат уутун илиитинэн кириэстии охсон баран, бэспиирэ быта?айын бырахта.
– Эбэбит т?гэ?ин к?рд?р?? ини, – диэтэ Томторук о?онньор, кыл хамыйа?ынан ууну буккуйа туран.
Кырдьык, кини эппитин курдук, икки ки?и арычча тардар, ?ч?гэй ба?айы дь???ннээх кы?ыл собо бачыгырыы т?стэ.
– К?р, балык кэллэ ээ! – дэстилэр ??рб?т дьон са?ата.
Балыктарын мууска ба?ан кэбистилэр. Манаахпыт балык ?с гыммыт биирдэрин бы?а хомуттаран ылан, к??лгэ куттарда да, сыар?алаах акка олорон, куоракка тэптэрэн хаалла. Кини барарын а?ай кытта, айдаан буола т?стэ. Ха?аактар балык ?с гыммыт биирдэрин би?иги ылыах кэри?нээхпит диэн м?кк??р? туруордулар. Онуоха сахалар буолумматылар, балыгы баар ки?и ба?ынан ?ллэстэргэ с?п диэн. Онтон эти?ии, ??хс?? буолла. Ол икки ардыгар били итирик эккирээбит ха?аак, хантан эрэ ыстанан кэлэн, туох да эппиэтэ суох кутулла сытар балык оттотугар киирэн туран:
– Балыгы а?алы? да сабаас, – дии-дии, ??г?л?? турда.
Онуоха Томторук о?онньор, маатыралыы т??эн баран, итирбит ха?аа?ы тутан турар кыл хамыйа?ынан с??скэ сырбатта. Ха?аак хаана ?р? тыга т?стэ, ки?и эрэ буоллар, уолуйан, са?ата суох ах барда. Онтон туран, ?л?? болдьохтоо?ун, Томторук биир хардааччы уола т??скэ аста. Дьэ, онтон ха?аак ?йд?н? биэрэн, уолу сы?аахха биэрдэ. Инньэ гынабын диэн, ха?аак эрэйдээх, дьэ, ?лл? – Томторук уолаттара кинини к?м?л??н, хасса суох охсон-тэбэн бардылар. Ки?илэрин биир да ха?аак к?м?скэспэтэ. Ити икки ардыгар дьон, балыгы былдьа?ан, ы?ыы-ха?ыы буола т?стэ. Сытар собону ким санаалаах и?иттэригэр ха?ыйдылар. Ки?иттэн эрэ ордук Томторук уолаттара балыгы кыайдылар. О?онньордоро ха?ыытаан-ы?ыытаан к?рд? да, ким да ону истибэтэ. Би?иги эрэйдээхтэр со?уйбут курдук туран хааллыбыт, балык былдьа?ар диэн санаа киирбэтэ. Би?иги дойдубутугар балыгы былдьа?ан охсуспат ?гэстээхтэр. Инньэ гынан, би?иги бэккэ диэн муодар?аатыбыт, абаа?ы к?рд?б?т. Мустубут дьон дэлби эти?эн, ??хсэн баран, дьиэ дьиэлэригэр тар?астылар. Киэ?э буолан, хара?атыйан барда. Би?иги били маа?ыан тахса сылдьыбыт ыалбытыгар хоно та?ыстыбыт. Онно тахсан, дьэ, чэйдээн, иттэн, мээлэ абыранныбыт. Ыалбытыгар хас да эр ки?и ?лэ?иттэр бааллар эбит. Кэпсээннэрэ наар балык былдьа?ыыта буолла. Сорохторо, му?ха?а киирэ сылдьан баран, мэлийэн тахсыбыттар. Биир ки?и эттэ:
– До?оттоор, сассын киирэн, балык кэллэ?инэ, былдьа?ан к?р?????, – диэн.
Ону до?отторо с?б?лээбитэ буоллулар. Би?иги ки?ибитин Дьылаарбаны, кыттыс, до?ор, би?иэхэ диэн, оонньуу о?остон хаайдылар. Дьылаарба иэ?ин-дьиэ?ин биллэрбэтэ.
Сассыарда эрдэ
турдубут. Мин, чэй оргутан и?ээри, ойбо??о уу ба?а киирдим. К?н тахсар са?ар?ата эбир былыкка тыкпыт. Киэ? толоону саба т?сп?т ма?ан хаар ?рдэ хайтах эрэ к???р?н, туналыйан к?ст?р буолбут. Толоон оттотугар онно-манна ойдом ??мм?т хаты?нар, кылабачыгас кырыа хаарынан симэнэн, нусха?ан тураахтыыллар. Туох да тыас-уус и?иллээбит чуумпу сассыарда буолбут. Марха дэриэбинэ нууччаларын дьиэлэрэ харааран к?ст?лл?р. «Хайдах дьон ити дьиэлэргэ олороллор?» – дии санаан баран, мин ойбонтон уубун ба?ан баран, т?пт?р? та?ыстым.Аа-дьуо чэйдээн, а?аан баран, би?иги к??лгэ киирдибит. Томторук о?онньор айгыстан, алтахтаан киирэн, хат му?халаата. А?ыйах а?ай ки?и мустубут. Би?иги эмиэ киэ?э буолуор диэри сырыттыбыт. Туох да иирээн тахсыбата. Арай ха?аак о?онньоро, биир саха уолун кырбаары, кыл хамыйа?ы тутан баран, эккирэттэ.
Уол эрэйдээх, тыаттан са?а киирэ сылдьар бы?ыылаах эбит, кураанах ыа?айаны тутан баран, ха?аактан куттанан, дьону тула с??рэн акы?ыйда. Ха?аагы буолла?ына, оттолуу уолу эккирэтэн эрдэ?инэ, кыы?а кэлэн, синньигэс биилигэр ыйааста т??эн баран, ха?ыытаата:
– Тээтэ, тээтэ! Кэбис, тохтоо да, тохтоо! – диэн.
Онуоха?а тээтэбит тохтоон абыраата. Сахалар бары к?л?ст?лэр, ха?аак о?онньору туппатылар. Томторук ата?а эбит, инньэ гынан к???л тойомсуйда.
Ханнык эрэ балык кэлбитин ?ллэстэн баран, би?иги куораппытыгар т?тт?р? саллары?ан киирдибит. Дэлби аччыктаан, ыран, дьиэбитин нэ?иилэ буллубут. Онтон ыла к???н куорат ба?адьытыгар, ха?ан да ?т?? тахсыа суох диэн, би?иги сылдьыбат буолбуппут.
КУТТАЛ
Киэ?э буолла. Кы?ы??ы к?н киирэн эрэр сарда?ата, тыа ба?ын кытардан баран, мэлийэн хаалла. К??х халлаан ньуура, кубарыйан баран, харааран барда. Онон-манан сулустар ча?ылы?ан к???нн?лэр. Тыа и?э хара?атыйда. Тыас-уус и?иллээбит курдук чуумпу. Ки?и тыына бур?айар тымныыта буолла.
Тыа суолун устун т?ргэн со?устук ба?ыахтаан хааман, бугдайбыт кэтит сарыннаах ки?и аа?ан и?эр. Куругар эмиэрикээн с?гэни анньыммыт, ата?ар эргэ ба?айы, кубарыйан эрэр кы?ыл хааты?ка этэрбэ?и оллоччу анньынан кэбиспит, т?б?т?гэр хара куобах ?р???т?нэн тигиллибит бэргэ?э сыы?ын ньаппаччы уурунан кэбиспит, моонньугар элэмтэ буолбут кы?ыл саал былааты эриммит. Санныгар холто буолбут хаппары иилиммит. У?ун ба?айы бытыктаа?а муу?уран хаалбыт, сырайа кытаччы то?мут, хара?ын уута ыгыллан тахсан, ???ээ бытыгар чопчула?а то?мут. Ханнык эрэ торбос ?т?л?к элээмэлээ?э, сонун сиэ?э кылга?а бэрт буолан, харытын саппат эбит, инньэ гынан онтуката дэлби кытаран хаалбыт. Хааты?катын ба?а хаар буолбут, ти?илэ?э муу?уран, ата?ын тыа?а кыычыгыраан, ыраахтан и?иллэр. Тымныыта бэт буолан, к???й??р диэри дэлби то?мут.
Бу ки?и ?л?йэн, ыксаан, и?игэр ??хсэ истэ:
– Туох абаа?ы тымныылаах дойду буолла! Ыччакабын нии! Бу буолтум кэннэ сахалар аны дьиэлэригэр киллэриминэ сордуохтара буолла?а. Хайтах гыныамый, ыксаатарбын эрэ с?гэбин к?рд?р??м. Оччо?о кинилэр ба?ас с?пт?р? к?ст?р ини. Куттанналлар эрэ, киллэриэхтэрэ буолла?а. Сордоммут дьон, маннык тымныыга ки?и тыа?а то?он ?л?? дии санаабаттар. Ол эрээри мин, хайтах да буолтун и?ин, киирэн арахсыам ээ.
Ити курдук абалана санаан кыы?ыра истэ?инэ, чугас со?ус иннигэр ыт ?рдэ.
– Ээ, ыалга кэллим ээ, бада?а, – дии санаата.
??рб?т ки?и бы?ыытынан т?ргэн со?устук хааман, тыаттан сулбу ыстанан тахсаат, биир кыра со?ус, хаарынан к?м?лл?б?т бала?а??а и?нэ т?стэ. Бала?ан ??лэ?инэн кыым, хойуу ба?айытык бытарыйан тахса-тахса, умуллан и?эр. Ону к?р?н, били ки?и ?л?йб?тэ-то?мута ордук с?рдэннэ. Сылааска киириэн с?рдээхтик ба?арда. Т?ргэн со?устук ааны а?а баттаата да, дьиэ?э к?т?н т?стэ.
Киирээт, ?йд??н к?рб?тэ: уот иннигэр хас да эр ки?и ону-маны кэпсэтэ олороллор эбит. Кини киирэрин кытта, бары со?уйбут курдук аан диэкки к?р? т?ст?лэр. Били ки?и у?а диэкки аа?ыан дьулайда. Аа??а туран эрэ, ньууччалыы ыйытта: