Чтение онлайн

ЖАНРЫ

К?рэтиллибит таптал
Шрифт:

Обун бэрэмэдэйи ылан санныгар биллэхтии быра?ар. Ыт тэйиччи туран тохтоло суох ?рэр. Бу барыта олус д?б?? уонна судургу курдук буолла.

Ыар ыалдьыттар тиэтэйэ-саарайа аттарын миинэн, атын сир диэки туора бараллар. Т??ннэри наар тыанан айаннаан, сыыйа дьиэлэрин диэки эргитэллэр. Хайа эрэ алааска а?ыы сылдьар атыыр ??р?н к?р?нн?р, суолларын муннараары, сылгылары иннилэригэр ??рэн бараллар.

Сарсыарда, биир кыра б?тэй алааска тохтоон, аттарын а?ата ыыттылар. ?й??лэрин, буспут эти, сиэтилэр. Солуурчахха чэй ?р?н истилэр. ?т?р а?аабатах дьон аччыктаабыттар, утаппыттар. С??гэйдэриттэн сиэтилэр. Онтон к?н ортотугар диэри утуйдулар.

Киэ?э,

бору?уй буолуута, эмиэ айаннаатылар. Т??н дьиэлэригэр чуга?аан баран, тыа?а тохтоон малларын ?ллэ?иннилэр. Манчаары Обу??а суккун сону, икки ылта?ын тэриэлкэни биэрдэ. Улахан сарыы саппыйа и?игэр биэс киис тириитэ, алта б??чээн ыыта баар эбит. Онтон биир киис тириитин уонна эмиэ биир б??чээн ыытын Обу??а биэрдилэр.

– Бу сырыыбытын иэгэйэр икки атахтаахха и?итиннэрэр буолаайа?ын. Мин туспунан кимиэхэ да кэпсээмэ. Этиэ? да ?л?р?н кэби?иэхпин с?п. Мин абаа?ы ки?ибин, – Манчаары Обу??а сутуругун к?рд?р?р.

– Оттон бу малбын дьоммор хантан ыллым диибиний? – Обун к?нд? малы ыларыгар ол ту?унан санаабыта.

– Бэбэ?э биэрдэ диэ. Киниэхэ дьиэ ма?а кэрдэр ???г?н буолбат дуо, – диэн Топпооску с?бэлиир.

– Дьиэ ма?ын кэрдэрбэр хаччы ылыах буолбутум.

– Бу малы эбии ?лэлээбиппэр биэрдэ диэ. Ону булан эппэккин дуо? Мин туспунан дьо??ор да кэпсээмэ. Кэпсиэ? да сэрэн, – Манчаары эмиэ сэрэтэр. Ол эрээри сирэйэ-хара?а сымна?ас.

* * *

Обун Арамаан Бэбэ?э Ыстапааннаахха кэлэн икки хонно. К?н?с тыа?а тахсан мас кэрдэр. ???с киэ?этигэр дьиэтигэр дьэ тиийэн, Бэбэ?эттэн уларсыбыт мата?атын туппутунан киирдэ. Дьоно дьиибэргээбит харахтарынан к?рд?лэр.

– Хайа то?о ы?ырбытый? Бу тугу а?аллы?? – Тиэхээн са?ата суох олорбохтоон баран ыйытар.

– Оттон Бэбэ?э биэрдэ, – Обун мата?а и?иттэн ылта?ын тэриэлкэни хостоон ылан остуолга уурталыыр. Суккун сону, б??чээн ыытын хостуур. Бэбэ?э с?бэтинэн киис тириитин ыалга хаалларбыта. Онуоха-маныаха диэри диэн.

– Тыый, нохоо, суккун сон. Сабыс-са?а. Бу тугуй, б??чээн ыыта дуу? – ийэтэ эмээхсин кэлэн б??чээн ыытын сыллаан к?р?р.

– Бу туох ааттаах к?нд? маллары биэрдэ? Тугу ?лэлэттэ? – Тиэхээн эмиэ ыйытар. Со?уйа к?р?н хара?а кэ?ээбит.

– Оттон уму?ах хастарбыта. Уонна ааспыт сайын киниэхэ от охсубутум дии, – Обун этиэх буолбут тылын этэр.

– Ол уму?а?ы саас, то??о, ха?аллар ??? дуо?

– Уолбар тутар са?а дьиэбэр хастарабын диэбитэ. Баран Бэбэ?эттэн ыйыты? да?аны.

– Тугу-тугу кэпсээн эрэр ки?и буоллу?, – Тиэхээн т?нн?г? к?р?н ылар.

Обун санаатыгар, дьоно Манчаарыны кытта сылдьыбытын сэрэйдилэр. Туох эрэ б?р?к?тэ суох бы?ыыга т?бэспит дьон курдук буоллулар. ??рб?т бы?ыылара биллибэт.

Сарсыарда туран Тиэхээн инитин олуйан-молуйан ыйытта. Обун т?р?т да му?кук, к?н? му?утаан, ыктаран билиннэ. Барытын кырдьыгынан кэпсээтэ. Дьоно кини кэпсээниттэн с?рдээ?ин куттаннылар. Уоллара туох эрэ улахан буруйу о?орбутун курдук саныыллар. Дьиэ?э киирэн, к?рд?рб?т?нэн туран, баай ыал малын-салын халаа?ын диэн, икки атах истибэтэх суола. Улахан буруй, айыы, саат-суут.

Тиэхээн к??лгэ баран туутун к?р?н кэллэ. Онтон ?тэ?элээх балык бу?ан к?н?ск? а?ылыктарыгар олордулар.

– Тыыллыма?а бара??ын Даркы Дьаакыпка бу малы барытын т?нн?р. Уонна ата?ар ??э??ин буруйга-сэмэ?э тиэрдимэ диэн к?рд?с, – дьиэлээх дьахтар Ылдьаана санаатын т?м?г?н эригэр Тиэхээ??э и?итиннэрэр.

– Оттон оччо?о Манчаары уолбутуттан сити?иэ суо?а дуо? Кимиэхэ да кэпсээмэ диэн сэрэппит буолбат дуо, – Тиэхээн кыынньыбыт

сылаас ??ттэн сыпсырыйар.

– Кырдьык, ити ки?и уолбутун ?л?р?н да кэбистэ?инэ к???лэ, – эмээхсин эбэн биэрэр.

– Оччо?о хайдах буолабыт? Торбос сонноох сылдьан эмискэ суккун сонноннохпутуна дьон хантан ыллахтарай диэхтэрэ, – Ылдьаана Тиэхээн диэки к?р?р.

– Онуоха-маныаха диэри кистээн кэби?эр инибит. Оттон б??чээн ыытын куоракка ыытан атыылаттарыахпыт. Б??чээн ыыта ыарахан сыаналаах буолуо.

– Бу ки?и аны ?п сиэри гынна дии. Тыалынан киирбит ?п холоругунан тахсар диэн ?с хо?ооно баарын умунну? дуо?

– Би?и уолбут дьону халаспатах. К?нн?р? сирдьит, та?а?асчыт буолбут. Ол аата ?лэлээн ылла?а дии. Икки атах онноо?ор буолуох айыыны о?орор ини.

– Манчаары кэлэн эмиэ уолбутун илдьэ барара буолуо. Бэбэ?э бэдэр мэйии бэйэтэ барсыа дуо, би?и уолбутун уган биэрдэ?э.

– Бэбэ?э халбархай ки?и. Ол уруккуттан биллэр.

Обун убайыттан Тиэхээнтэн уон сылынан эдэр. О?о эрдэ?иттэн а?а туппут ки?итэ. Убайа тылынан-???нэн да?аны ба?ыйар. Уол киэ?э ?лэтиттэн кэлбитигэр убайа мас-таас курдук эттэ:

– Аны Манчаары кэлэн онно-манна ы?ырда?ына олох барсыма. Дьону халыыр, талыыр диэн, ?рд?к та?ара?а айыы, бар дьо??о саат, чолобууда суукка буруй буолар. Манчаары тутуллан хаайылынна?ына, эн эмиэ хаайыллыа?. Оччо?о ойох ылыах буолбут кыы?ы? кэлиэ суо?а. Ону ?йд??. Та?ыйда?ына да?аны тулуй. Эр ки?и буолла?ы? дии.

* * *

Ыаллар сайылыктарыгар к???н кэлбит са?алара и?илиннэ. Биир ?т?? к?н Б??т?ччээн, са?атык со?ус даба ырбаахытын кэтэн, Б?р?нэйгэ барда. Онно ата?ын Охоноон уолу к?рс??хтээх.

Сайылык, алаас э?ин ??н??х сир симэ?инэн киэргэнэн, олус тупсубут. Кинилэр кыара?ас ыырдарыгар холоотоххо, алаас сир хонуута киэ?э, ки?итэ-с????тэ элбэ?э, ?т?? дойду буолла?а. К??рэгэй чыычаах са?ата дьырылас.

Алаа?ы ортолоон эрдэ?инэ ыттар ?рд?лэр. Баты?ан кэлбит ыта Моойторук кулгаа?ын ч?рб?тт?. Инники и?эн тохтоото. Эргиллэн иччитин к?р?н ылла. Иккитэ-?стэ «мо?» диэтэ. Ити икки ардыгар икки ыт ?рэ-?рэ утары кэллэ. Анараа ыттар ыты к?р?н сэрэммит курдук туттан чуга?аатылар. Ыкса кэллилэр. Ма?най сытыр?алаан к?рд?лэр. Аргыый кутуруктарын хамнаталлар. Моойторук дьулайбыт к?р??нээх, кутуругун купчуппут да буоллар, эмиэ сытыр?алыыр.

К??т ыт ар?а?ын т??т?н адаарытан к?хс?н тыа?атта, тии?ин к?рд?рд?. Б??т?ччээн аны ыппын тутуохтара диэн «ч?т» диэтэ. Ыттарга чуга?ыы хаамта. Мас сытара буолаарай диэн к?р??лээтэ.

Эмискэ ыттар ардыр?а?а т?ст?лэр да охсу?ан булумахтастылар. Моойторук у?а-ха?ас харбыала?ан и?эн, м?чч? ойон, дьиэтин диэки ыстанна. Кутуругун купчуччу туттубут. Дойдулаах ыттар эккирэтэн субуру?натан, ?р?йэ?э т??эрэн к?ст?бэт буолан бараннар, сотору т?нн?н, тылларын салыбыратан кэллилэр. Кыайбыт-хоппут к?р??нээхтэр. Б??т?ччээ??э кы?аммакка, дьиэлэрин диэки дыгыйдылар.

Дьиэ?э киирбитэ – дьукаахтыылар бары кэлбиттэр. Оттон Охоноон уол баара к?ст?бэт. Б??т?ччээн ыалдьыт бы?ыытынан у?а оро??о кэлэн олордо.

– Тугу кэпсиигит? – Б??т?ччээн сиэр бы?ыытынан аан а?ан кэпсэтэр.

– Суох. Эн кэпсээни?? – Быргый ийэтэ кыра у?уохтаах ча?аарыйбыт эмээхсин кэпсэтэр.

Дьиэлээх эмээхсин туох сонуннаахтарын, хайдах кыстаабыттарын, хас ынах т?р??б?т?н э?ин ыйытала?ар. Б??т?ччээн о?о ки?и бы?ыытынан хоруйдуур эрэ.

– Манчаары Ба?ылай эмиэ к??рэйэн ыалга ыалдьыттаабыт ???. Ону истибиккит дуо? – Быргый Дь?г??р о?ох иннигэр с?гэ ыта?алыы олорон ыйытар.

Поделиться с друзьями: