Чтение онлайн

ЖАНРЫ

Таптал уонна дь?кк??р
Шрифт:

Остуол тула уу чуумпу сатыылаабыта. Олорооччулар, улаханныын-кыралыын, хардарыта сирэйдэрин к?рс?б?ттэрэ, тугу эрэ кэтэ?эрдии илиилэрин кумуччу туттан остуол анныгар уган, аны, ийэлэрин диэки хайыспыттара.

Оппуруо?а итинник эрэ бы?аарыныыны к??ппэтэх буолан со?уйан мах бэрдэрэн, улахан ки?итин хомоппот санаатын урутатан, туох диэ?ин сыымайдыы олорбута.

– Бэриэт, эйиигин инньэ диирэ буолуо диэн сэрэйбитим, – ийэ барахсан ити, дьи?эр, ханарытан эппит са?ата этэ. Ити ту?унан т?б?т?гэр о?устарыахтаа?ын са?а ?йд??н кэлбитэ. – Этэри? с?п. Улахан ки?и тыла, – Оппуруо?а ити кэннэ чааскытыгар эбии сылаас уу кутуммута, ылан сыпсырыйбыта. Онтон уолун утары к?р?н олорон. – ¤ыччыай, ити соччо с?б? суох бы?аарыныы буолуо. Би?иги манна элбэхпит, улааппыт дьоммут. С?бэ-ама к????нэн тугу барытын, куруутун баар, билэр-к?р?р дьыалабытын

кыайар-хотор кыахтаахпыт. Онон эн муох-чуох буолбакка ??рэнэри? наада. ??рэххэр ?ч?гэйгин. Би?иэхэ манна учууталлары? махтанар суруктара кэлбитэ ээ – ??рэххэ ?ч?гэйи?, бэрээдэктээ?и? ту?унан. О?олоргор суол тэлээччи эн буолла?ы? дии. Би?иги дьиэ?э, а?абытын суохтаппат ту?угар, эн ??рэ?и? баар-суох кылаабынай дьыалабыт буолар. Онон эн ??рэн, наар ?ч?гэй сыананан б?тэр, – ийэ барахсан ити тылларын этэн баран остуол тулатыгар олорор о?олоруттан, чугас аймахтарыттан бигэргэтии к?рд??н: – С?пк? этэбин буолбат дуо? – диэн ыйыппыта.

– С?п, с?п… Оннук… – о?олор хоруйдара судургу этэ.

– Бэриэт, ийэ? этэрэ саамай с?п дии саныыбыт би?иги, – Оппуруо?а бииргэ т?р??б?т балта Маайа кэпсэтиигэ кыттыспыта. – Эн ??рэ?и? би?иги аймахха барыбытыгар улахан суолталаах. Ыччаппыт бары эйигин ?т?кт??, баты?ыа этилэр буолла?а дии.

– Нохоо, Бэриэт, бу орто дойдуга букатын кэлбит суох. Дьыл?а хаан бы?аарыытынан ким уруттуур, ким хойутуур, – а?аларын Сиидэр убайа, аймах ытык кырдьа?а?а К?ст?к??н Т?б?ктээхэп то?олохторун остуолга ууран икки ыты?ын холбуу тутан, онно сы?аа?ын ?й??б?тэ, билигин да уоттаах харахтарынан аймах дьон тумус туттар о?отун тобулу к?р?н олорон с?бэтин са?алаабыта. – Сиидэргэ толорута суох дьыл?а анаммыт эбит. Кини дьыл?атын сал?ааччылар бааргыт. Бу кэчигирэ?эн олоро?ут, – ыты?ын нэлэ?нэппитэ. – Онон э?иги этэ??э са?аламмыт ханнык да дьыаланы дьалкытар, т??рэ?нэтэр ту?унан араас санааны булунума?. Туох барыта дьалкыйда, тугу барытын т??рэ?нэтти? да – ол ха?ан да?аны эмискэ тохтоон хаалбат. Ха?ан ба?арар биэтэ?ниирэ, будулуйара, буккуллара у?ун буолар. Ону оннун булларарга эмиэ сыра-сылба наада. Онон эн ??рэммити? курдук ??рэн, улахан ??рэхтээх ки?и буол. Омук бэртэрин кытта тургуту?ар кыахтаах ки?и буол. Аймахтар санаабыт, с?бэбит оннук…

* * *

Ата?астанар диэн олус да абалаах. Аны ону утары тугу да гынар кыа?ы? суо?а ?сс? кы?ыылаах, ону аа?ан олус ыарыылаах. Бу кэбилэнэ сытабын дии. Аныгы мэдисиинэ к??стээх буолан ?р?т?ннэ?им. Били аба?ам К?ст?к??н барахсан эппитигэр дылы, Дьыл?а хааным ?сс? да кэми-кэрдиини утары уунар буолан улаханнаппатах буолла?ым. Саамай ?ч?гэйэ – ?й-санаа т?тт?р? барбата?а, бысталаммата?а ?ч?гэй…

Э?эм Б??т?р, ийэм а?ата, олус с?рэхтээх, тэрээ?иннээх, дьо??о-сэргэ?э тылын ылыннарар ки?и киэнэ кэрэмэ?э эмиэ быстах дьыл?аламмыт эбит. Т??ннэри, к?ннэри т?б?г?рэн, утуйар ууну умнан, бэйэ толкуйунан, илии-атах к????нэн кыа?ыра сатаабыт, элбэх с????н?, сылгыны ииппит. Сэбиэскэй былаас олохтонорун, ?лэ?ит, с?рэхтээх-бэлэстээх дьон кыа?ырыахтарын ту?унан ?р? к??р??лээх кэпсээни кини би?ирии к?рс?б?т ээ. Онтон аны артыаллар, холхуостар тэрээ?иннэрэ с????лээх-астаах дьон ?рд?нэн баралларын с?б?лээбэтэх. С?п ээ. ?йэтин тухары хара к?л???н?нэн муспут баайын буор босхо биэрэр диэни ким с?б?л??й?!

Буруйа диэн – баай ???! Ол баайы дьону к?л???ннээн мунньуммут ???! Кими да хамначчыт о?остубута диэн суох ээ. Аймах дьон кытты?ан, с?бэ-ама тобулан, бииргэ ?лэни-хамна?ы тэрийэн кыа?ырбыттар.

?лэлээн му?наммытын и?ин, баайын-дуолун ба?а ?тт?нэн сиэтэн а?албата?ын буруйугар, биэрэр да буолла?ына туох эмэ т?л?б?р, тугунан эмэ боруоста?ыы баар буолуохтаа?ын эппитин аньыытыгар кулаах буолар. Барытын былдьаан ылаллар. Бэйэтин ?сс? хаайыыга ыытал-лар. Мантан ордук туох ата?астабыл баар буолуон с?б?й?!

Ол кэннэ мин э?эм эрэйдээх, кини о?олоро, аймахтара барахсаттар туох диэннэр са?а кэлбит былаа?ы таптыахтарай, илэ-сала т??эн уруйдуохтарай? Итинниккэ т?бэспит кинилэр эрэ буолбатахтар ээ, элбэх б???, ахсаана биллибэт элбэх!

Ити ата?астабылы утары тугу гыныахтара баарай, мэлигир буолла?а. Былаас кэрээнэ суо?ун туох да уодьуганнаабат уонна оннук к??с ?т?р?нэн к?ст?? да суох чинчилээх. Билигин да оннук…

Т?б?ктээхэп ?б?гэлэрин ата?астабылын, эбиитин онно бэйэтин киэнин санаан кэлэн хара?ыттан уу-хаар ба?ан барбыта, ыгыллан кыратык ытаан ылбытын кыатаммыта. Ону аралдьытан оронуттан туран кэлбитэ уонна эмиэ туалет диэки хаампыта…

4

Бэриэт

Новосибирскайга т?нн?н кэлээт, кэтэхтэн ??рэнэ к???рг?, манна ?лэ булунан ?п-харчы ?л?р?н дьонугар к?м?л???рд?? бы?аарыммыта. Кини дьонугар тугу да эппэтэ?э, ??рэнэ сылдьарынан биллэрэ.

Институт салалтатыгар баар бала?ыанньаны толору кэпсээбитэ, бэйэтэ бы?аарыммыт толкуйун эппитэ. Салалта табатык ?йд??н ?ч?гэй ??рэхтээх, инники кэскиллээх исписэлиис тахсар уолга утары бараннар бары усулуобуйаны тэрийбиттэрэ: кини кэтэх ??рэххэ к?сп?тэ, институт и?инэн баар сибээс сыыппаранан ситимин научнай-чинчийэр лабораториятыгар ?лэ?э киирбитэ, уопсай дьиэтигэр салгыы олорорго к???л ылбыта.

Барыта санаа хоту буолбута. Кини онтон олус ??рб?тэ. ?т?? да салайааччылар бааллар эбит диэн махтаммыта. Салайааччы эрэ барыта маннык буолуо?ар эрэл оччотоо?у эдэр ки?иэхэ бигэтик и?митэ.

Институтун туйгуннук б?тэрбитэ, ?рд?к? научнай сотрудник буолбута. Хамна?а ку?а?ана суо?а, бириэмийэни квартал аайы ботуччу биэрэллэрэ. Онон кини дьонугар к?м?т? быстыбат этэ.

Кини биири эрэ саныыра – сибээс аныгы ситимэ кэскиллээ?ин, сыыппаранан сибээс инники суолун тобулууга бэйэтин туох эрэ кылаатын хайаан да киллэриэхтээ?ин. Онно туох эмэ мэ?эй баар буолуо?ун санаан, т??ээн да к?рб?т этэ.

Бу «Радио» диэн лаборатория Сойуус судаарыстыбаннай научнай-чинчийэр саамай улахан институтун салаата буолбута. Аналоговай диэн аатырар куола?ынан сибээстэн т?ргэн сырыылаах сыыппаранан сибээскэ к????н? ырытыы, тобулуу, олоххо киллэрии судаарыстыба инники к????э турар соруга этэ. Ону аан бастаан космическай сибээстэн са?алаабыттара. Онон Бэриэт Сиидэрэбис космическай сибээс ?лэ?итэ буолан т??р?йэ бы?ыытынан айыллар сыыппаранан сибээ?и дьи? олоххо киллэрэр минисхемалары та?ар уустук ?лэ?э ылсыбыта. Кинилэр с?р?н соруктарынан – космическай сибээс чуолкайын сити?ии, айанныыр тэтимин т?ргэтэтии буолбута.

Институт аа?ар-суоттуур киинин массыына саалата баара?ай дьиэ хас да этээ?ин ылара. Онно ?й ?лэтэ олус чуумпутук, хас биирдии ?лэ?ит бэйэтин дьикти эйгэтин и?игэр барара, оттон исхиэмэлэри та?ыы ?лэ?иттэрэ микроскоп-ачыкыны кэтэргэ тиийэллэрэ, анал паяльниктарынан ту?аналлара, микросхема ситимин о?орон та?аа-раллара.

Табаары?а Карцев Владимир Бэриэт талааныгар, билиитигэр-к?р??т?гэр чахчы с?г?р?йэрэ. Кини биир т?гэ??э табаары?а «оччо?о маннык гыннахха табыллыахтаах» диэн бэрт судургу бы?аарыы ылынан бокуойа суох уларытан-тэлэритэн барбытыттан: «Ну, Бэриэт, ты молодец! Давай, Бэриэт, вперед!» – тыллары ы?ыктаат, сотору Бэриэти спецовкатын сиэ?иттэн тардыалаабыта. Бэриэт: «Ты что?» – диэн с?б?лээбэккэ эргиллэ т?сп?тэ. Онуоха Карцев Володя олох ма?ыттан ойон турбута, Бэриэти туруору тарпыта, ??рэн ча?ылыспыт харахтарынан утары к?рб?тэ, бэркэ боччумнанан туран: «Бэриэт, тебе отныне я присваиваю имя Вперед. Ты не Бэриэт, а Вперед!» – диэн, хаста да хатылыы-хатылыы, бокуойа суох бобута кууспута, бэйэтигэр ыбылы тарпыта. «Да?! Хорошее имя», – Бэриэт бэйэтэ да со?уйбута, ??рб?тэ, ?сс? астыммыта, к?лэн то?о барбыта. Володя ?сс? к??скэ к?лб?тэ, олус табыгастаах ааты булбутуттан астыммыта чахчы этэ. Ити кэмтэн ыла талаанынан с?хт?рб?т, ньуура суох ?лэ?итинэн биллибит саха уола Бэриэккэ олох да?аны Вперед диэн дьо?уннаах, тапталлаах аат и?митэ. Институттар ити ааты олус с?б?лээн тутталлара.

До?оро Владимир Карцев са?а хайысхалаах научнай ?лэтэ сэ?ээриини ылан кандидатскай диссертациятын к?м?ск?? «Радио» институкка тиийэн сатаммата?ар Бэриэти ы?ыртарбыта. Онно кини исхиэмэ сырыытын билси?эн баран Володя туохха сыыспытын чопчу ыйбыта, баар схеманы к?нн?р?н биэрбитэ. Ол табыллыбыта, ону аа?ан ?сс? хай?аммыта. Владимир Семенович наука хандьыдаата буолбута. Кини сити?ииттэн ??рэн, табаары?ыттан с???н сууйдахтарын киэ?э: «Ну, Вперед, ну, Вперед! Какое правильное имя!» – диэн хаста да хатылаан, Бэриэти куу?ан ылан эргичитэн ??р??т?н биллэрбитэ.

Ол кэнниттэн Т?б?ктээхэптэн с?бэлэтэр, ыйытар элбээбитэ, исхиэмэ о?орторуон ба?алаах уочарата да баар буо-лан ылара. Онон Бэриэт билиитин, сыы?аны була охсорун, ону бы?а суолун тобулан о?ороро т?ргэнин ту?унан институкка номох курдук кэпсээннэр элбээн барбыттара…

Командировкалар быыстала суох буолбуттара, сырыы кэ?ээбитэ. Сойуус сибээ?игэр ?лэлиир Россия, Прибалтика, Украина куораттарын научнай уора?айдарыгар ыйы-ыйынан сылдьара. Ол тухары Саха сирин у?ук Бар?а дэриэбинэтин уолун билиитин-к?р??т?н, сатабылын с????чч? к?ст?р?, элбиирэ. С?бэлэтэр-амалатар да?аны онтон итэ?э?э суох этэ.

Поделиться с друзьями: