?йэ кирбиитигэр
Шрифт:
Чочумча са?ата суох олордулар. Уол кыыhы кытта туох диэн кэпсэтиэ?ин билбэт. Ну?нуур ма?ан сарыы этэрбэhи кэппит. Кылгас сарыы сонноох.
– Эйиэхэ туох сонун баарый? – Саттаар хардары ыйытар.
– Би?иэхэ биир киhи кэлэ сырытта, – кыыс уолу кылап гына к?р?н ылар.
Уол тута са?арбата. Хайыы ?йэ кэлэн ыйытан эрэллэр эбит. Ол иhин уларыйда?а. Сотору, бука, букатыннаахтык арахсаллара буолуо. Онтон то?о эрэ ойо?оhуттан ?ск??р?т?н ыйыппыт курдук туттан ыйытта:
– Ону эн?
– Ону мин… Буолумматым.
– Оттон дьону? туох дииллэрий? – Саттаар сэгэс гына т?стэ.
–
– Баай, мааны киhи дуу?
– Мааны уол.
– То?о буолумматы?? – Саттаар ыйытан баран акаарытык тылластым дии санаата.
Кыыс са?арбата. Т?б?т?н санньыппыт. Онтон эмискэ хонос гынаат, абарбыт курдук са?арда:
– Эйигин к??тэбин. Эн бэйэлээ?и!
– Кырдьык дуо? – уол илиитин кыыс илиитин ?рд?гэр уурда.
Ити быhыыта хайдах эрэ олус солуута суох курдук буолла. Итинник тахсан хаалла. Соро?ор киhи са?арбыт са?ата, туттубут быhыыта эмискэ, т?т?л? суох буолааччы.
Кыыс са?арбат. Уол салгын сиэн хараардыбыт, чэрдээх ытыстаах илиитигэр холоотоххо, кыыс ма?ан илиитэ кыра, нарын, сымна?ас. Илиитин таарыйбыта, туох эрэ моhойу ?рэйбитин курдук буолла. Кыбыстар, килбигийэр санаата ханна эрэ симэлийэн, кыыhы кууhан ылан, иэдэhиттэн сыллаата. Онтон тэтэркэй уоhуттан ууруур. Иккиэн уураhа-уураhа са?ата суох олордулар. То?о са?арыахтарай, барыта ?йд?н?р буолбутун кэннэ. Таптал к??стээх кынатыгар уйдаран, ??hэнэн дайа к?т??х курдук буолбут уол бэйэтин ынах этэрбэhин к?р?н эмиэ «сиргэ ?ктэннэ».
– Арай мин к?т??т буолан кэлэммин эйигин ыйытыым… Оччо?о эн дьону? с?б?лээн кыыстарын биэриэх этилэр дуо?
– Ийэм мин тылбыттан тахсыбат. А?ам… – диэн баран тохтуу т?hэр. – А?ам ата?ар ??эн к?рд?ст?хп?нэ, кини да с?б?лэhиэ. Кини миигин таптыыр, атаахтатар.
– Арай эн биhикки ыал буолуох? Оччо?о кэлин ханна эрэ дьиэ туттан, бэйэбит туhунан ыал буолуо этибит. Мин мас мастыам, оттуом, бултуом. Оттон эн дьиэ?ин к?р???н, ынаххын ыыгын.
– Ол кэлин буолла?а дии. Хойут. Мин а?алаах ийэм холбоhон баран дьоннорун кытта бииргэ олорбуттар ?h?.
– Мин эн а?а?ыттан куттанабын.
– То?о куттана?ын?
– Толлобун.
– Кыыс о?о эргэ барда?ына, уол дьиэтигэр барар буолбат дуо?
– Биhиги дьиэбит куhа?ан, дьада?ы дьиэ.
– Куhа?ан дьиэ диэн суох. Куhа?ан киhи диэн баар. Мин а?ам – сымна?ас киhи. Эн киниэхэ к?т??т о?о буолуо? буолла?а дии.
– Мааны ыалга к?т??т буолабын дуу?
– Туох мааныта кэлиэй. Ыал тэ?э ыал буоллахпыт дии.
– Биhиэхэ холоотоххо…
– Кэбис, инньэ диэмэ… Атыны кэпсэтиэх, – кыыс уолу ситэ этиппэккэ быhа т?hэр. – Хата, туhаххын к?р? барыах эрэ.
– Чэ.
Уоллаах кыыс туран, сиэттиhэн баран, туhах к?р? бардылар. Туhа?ы к?р?лл?р?гэр, кыыс хайдах эрэ сэргэхсийбит курдук буолла. К?лэ-к?лэ са?арар. Кини ураты нарын са?атын истэр да ?ч?гэй…
Мымах – киэ? Э?сиэли эбэ?э биллэр-к?ст?р баай. Икки ойохтоох, улуу?угар бас-к?с буолбут ытык мааны киhи. Улахан уола Ньыкка быйыл са?а ыал буолбута. Атын о?олоро кыралар. Арай мааны кыыhа Тутта?ныыр быйыл уон сэттэтин туолар.
Ха?аактар тустарынан э?ин-э?ин хобдох кэпсээн дэлэй. Эдэр ?ч?гэй дьахтары,
кыыhы к?рд?хт?р?нэ, тутан ылан илдьэ баран, ойох гыналлар ?h? диэн кэпсээн толору. Мымах эдэр ойо?ун уонна кыыhын ыраах кэдэрги алааска таhааран олордорго сананна. Ити кэпсээннэрэ, ба?ар, кырдьык буолуо. Тыала суохха мас хамсаабат.Тордуохтаах дьиэлэрэ. Киэhэ аhылыктарыгар олордохторуна, дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй сонунун кэпсиир:
– Хадаар уол ойох ылбыт ?h?.
– Ноо, кими ылбытый? – Тордуох сэргиир.
Б?тэй алааска олорор ыалга эдэр дьон холбоhон ыал буолуута улахан сонун.
– Айгыратар кыыhын ылбыт ?h?.
– Ээ. С?п буолла?а. Кимтэн иhитти??
– Хабытай ойо?о сылдьан ааспыта.
– Кыыс, хата, чугас олорор уолга барбыт. Дьонугар кэлэ-бара сылдьыыhы.
– Эн уолгар хаhан ойох ылан биэрэ?ин? С??рбэ биирин туолла. Ойох ылар сааhа буолла.
– Бэлиэр ойох ылыа буолла?а. Дьыл – хонук дииллэрэ кырдьык ээ.
Итинтэн салгыы Саттаар дьоно ханна с?пт??х кыыс баарын кэпсэттилэр. Кыыс хайда?ын-тугун туhунан кэпсэппэттэр. Наар дьоно хайдахтарын, т?h? с??h?лээхтэрин э?ин ырыталлар. Хайа эрэ дьахтар тыллаах, кэччэгэй, ким эрэ ыарыhах, ким эрэ иэс ылан баран биэрбэт ?h?. Наар бэйэлэригэр с?пт??х дьада?ы дьон кыргыттарын сыымайдыыллар. Чугас эргин с?пт??х кыыс суо?ун курдук буолла. Ну?нууру ахтыбатылар да?аны. Дьоно сэниэ буоланнар, таарыллыбатылар быhыылаах.
– Оттон сэниэ ыал кыыhыгар дураhыйдахха? Биhиги уолбут тас к?р???нэн кыыска сирдэриэ суо?а этэ, – Тордуох дьахтарын диэки к?р?р.
– Бэрт киhи баай кыыhын кэпсэтэн с?г?ннэрэн а?алан, энньэ-сэтии субурутары? буолуо. Атыытын-сулуутун туоххунан т?л??г?н? Бэйэтигэр с?пт??х кыыhы ылыа буолла?а дии… – диэн Сэлгээнэй куолулаан эрдэ?инэ, таhырдьа ыт ?рдэ.
Хал?ан аhыллан, чомпой бэргэhэтин кы?нары кэппит киhи намыhах аа??а т??к?чч? туттан киирдэ. У?а оро??о кэлэн олорбутун «аhаа» диэн сибиэ?э ы?ырдылар. Сэлгээнэй кытыйа?а кыыймыт ??т кутан ыалдьыт диэки сы?арыта анньар. Ыалдьыт сойбут ??ттэн сыпсырыйан иhэр. Улахан кытыйаттан ??л?лл?б?т мундуну ылан сиир.
– Бука, туох эрэ сорукка кэллэ?и? буолуо, – Тордуох ыалдьыты кытта дьиэ эргиннээ?и сонуну кэпсэтэн иhэн ыйытар.
– Ээ, Мымах уолгун ы?ыртарар, – диир Т?т?лл?й, Мымах баай кулута.
– То?о ы?ыртарда?ай?
– Билбэтим. Бука, тугу эрэ ?лэлэтээри ы?ырбыта буолуо.
– Ы?ырбыт буолла?ына барда?ы? дии, – Тордуох уолун диэки к?р?р.
Сарсы??ытыгар Саттаар эрдэ туран Мымах тойо??о барда. Эдэр киhи сотору дэгэйэн тиийдэ.
Сир тааhа т?нн?ктээх улахан бала?а??а киирбитэ тойон ч?м?хт?мм?т утуйар та?аhыгар ?й?н?н сытар эбит. Уол аа??а туран с?г?р?йэр.
– Хайа, кэлли? дуу. Сибиэ?э чугаhаан олор, аhатыахтара, – Мымах сытан эрэ кэпсэтэр.
Уол сибиэ?э олорбутун кэннэ, кэргэн дьахтар кымыс, сыалаах буспут эти а?алан уурталыыр.
– Мин эйигин ?лэhиттэри кытары алааска ыытаары ы?ыртардым, – диэн Мымах соруда?ын иhитиннэрэр. – Онно тиийэн, дьиэ, хотон туталларыгар к?м?л?h???.
– Хайа алааска?
– Бардыалаах диэн. Онно сылдьыбыты? дуо?
– Билэбин. Мин бултуур ??тээним онтон соччо ыраа?а суох. Кэ?кэмэ бэтэрээ сиhигэр баар.