?йэ кирбиитигэр
Шрифт:
Тордуох туу ?р?р идэлээх. ??hэ ?с мастаах кыраада?а тыырыллан бэлэмнэммит уhун синньигэс туу мастара ууруллан намылыспыттар. Арыттаах туу маhын ?р?н баайарга сутука быаны мас силиhинэн о?орор. Уhун к?н? суон силиhи т??рэн ылан, сииктээх умуhахха ууран ыаннарар. Онтон хатырыгын суллаан, хайыталаан, тыырар. Быhах ?нч???нэн кыhыйан уутун ыгар. Ол аата эллиир. Эллээтэ?инэ, силис маhа сымныыр. Эллэммит силис т?h? ба?арар ?р сытыан с?п. Туттарыгар ууга сымнатан баран, ?кт??-?кт?? тардыалаан имитэр. Оччо?о быа быанан буолар.
Дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй киэhээ??и
– Оккун охсон б?тэрди? дуо? – Тордуох аhаары сибиэ?э кэлэр.
– Б?тэрэн. Аны биир к?н баран мустахпытына, мунньуубут да б?тэрэ буолуо, – Саттаар к??рчэхтэн баhан сиир.
– Мымах баай илдьиттээбит. Быйыл хайаан да?аны киис булдугар тахсан бултуур ?h?б?т. Аттаах, ыттаах ыаллары барыларын соруйбут. Нууччаларга биэрээри киис тириитин хомуйаллар ?h?, – Тордуох уолугар сонунун кэпсиир.
– Ол мин кииhи тугунан ?л?р?б?н? Ох саам суох дии, – Саттаар ох саа о?орторуон ба?арар. Идэлээх о?онньоттор ох сааны тамыйахтаах ынахха о?орооччулар.
– Ыт кииhи, тии?и тииккэ таhаарда?ына, чаачар саанан да ?л?р?р ба?айыта. Мин айа к?хс?нэн улахан чаачар саа о?оруом. Бу уол оонньуур саата кыра буолуо.
– Мин эмиэ барсыам, – ?р??б? ыйыппыттыы а?атын диэки к?р?р.
– Хайа та?аскынан барсаары гына?ын. Убайы? хаар т?стэ?инэ, кыhы??ы тымныыга барыа?а, – диэн Тордуох буойа са?арар. – Ыппыт кииhи ?р?? дуо?
– Мо?отойу, тии?и тииккэ таhаарда?ына ?рэр. Кииhи да ?р???э, – Саттаар ??рэттэн ыймахтыыр.
– Ма?най сонордуурга ??рэт. Киис са?а суолун к?рд?хх?нэ, ону батыhыннар. Биирдэ к?р?н тииккэ таhаарды? да, ??рэниэ?э. Булчут ыт ?йд??х, сотору ??рэнэр.
– Хайа тыа?а бултуубун? Кэ?кэмэ ?рэх диэки барабын дуо?
– Кэ?кэмэ бэтэрээ тыатыгар эhэ? ??тээнэ баар. Сотору тахсан, ат сиир отун оттуохпут. Мымах аны сыл аайы бултатара буолуо. Нууччалар бу дойдуга букатын олохсуйа кэлбиттэр быhыылаах дииллэр.
– Миэхэ хаhан ох саа о?орторо?ун?
– Байдахпытына. Быйыл куобах элбиэх курдук. Идэhэ?э о?ус ти?эhэни тутуннахпытына, дьылы туоруохпут. Тыhы ти?эhэбит этэ??э буолла?ына, эhиил ынах буолуо. Оччо?о кырдьа?ас ына?ы биэрэн, эйиэхэ ох саа о?орторуо этибит.
Петр Бекетов ат хомуйан, дьонун ?кс?н акка олордор буолла. Уон ?ч?гэй ы?ыырдаах аты Л?г?й тойон ыыппыта. Уон аты ?й?ктэн атыыласпыттара. Уонна онтон-мантан биирдии-иккилии аты хомуйбуттара. Ха?аактар бэйэлэрэ да?аны акка сыста?ас дьон. Бала?ан ыйыгар тэринэн, о?остон, сирдьиттээх, или??и улуустары кэрийэ бардылар. Илин э?ээргэ ыал элбэх дииллэр. Онон суоллаах-иистээх буолан ?ч?гэй эбит.
Т???л?гэ тиийбиттэригэр, олохтоохтор, бэрт сыппахтык да буоллар, утарыластылар. Олору эрэйэ суох бэриннэрдилэр. Дьаhаах т?л??ргэ тылларын ыллылар. Эмиэ дьон аатын кумаа?ыга суруйдулар. Бахсыга, Сыла??а тиийбиттэригэр эмиэ утарыластылар. Сорохторо куттанан, тыа?а т?ст?лэр. Утарыласпыт дьону бэриннэрэн, эмиэ дьон аатын суруйдулар. Дьа?аах т?л??н с?пт??х сэниэ ыал а?а баhылыгын аатын суруйаллар. Икки ат оххо таптаран бааhырбытын атын атынан уларыттылар.
Хатылы ууhун улуу баайа Аан ??чэй ыар ыалдьыттар дьиэтигэр чугаhаабыттарыгар, утары тахсан, кэрэмэс саhыл тириитин т??h?гэр туора тутан с?г?р?йэн
к?р?стэ. Маанылаан, аhатан хоннордо. Туох да эгилэ-бугула суох дьаhаах т?hээнин т?л??х буолла.Нууччалар, ханна да хоммуттарын иhин, харабыллаах хоноллор. Сааларын-сэптэрин чугас уураллар. Та?ара сэрэ?и таптыыр. Олохтоох туора биис тойонун астаах-??ллээх остуола, эйэ?эс мичээрэ албын буолуон с?п.
Этэ??э утуйан турдулар. Дьон ааттарын ыйыта-ыйыта суруйбуттарыгар, ??чэй баай «то?о суруйа?ыт» диэтэ. Дьиибэргиир, куттанар быhыылаах. Петр Бекетов ?ч?гэйдик к?рс?б?кк?т иhин диэн дьиэлээх хоту??а алтан хочулуокка о?уруо кутан биэрдэ.
Суол ыйдаран, Иэгэдэй а?атын ууhугар бардылар. Кыра аймахтарга сылдьыбаттар. Тиэтэйэллэр. Сахалар олус киэ? сиринэн ыhыллан олороллор эбит.
Иэгэдэй а?а ууhун баhылыга Модьукаан нууччалары эмиэ ?ч?гэйдик к?р?стэ. Кини Модьукааны сааhырбыт киhи диэтэххэ, б?д???н-сада?ын, бухатыыр к?р??нээ?ин с???-ытыктыы к?рд?. Саха?а да б?д??, улахан киhи баар эбит.
Аны Таатта ?рэх с?ннь?гэр олорор Баатылы ууhугар барыахтаахтар. Элбэх киhилээх улахан а?а ууhа дииллэр. Иэгэдэй а?атын ууhуттан чугас, быысаhа олороллор эбит.
Модьукаантан ол дьон туhунан ыйыталастылар. Ону а?а баhылыктара Дьинтиис баай кырдьан олорор, Но?ой Боотур баhылыыр буолуохтаах диир. Мин а?ай дэммит, ?рд?нэн ?р?? чыычаа?ы к?т?ппэт киhи ?h?.
Нууччалар баатылылар ордууларыгар чугаhаан эрдэхтэринэ, туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох ?с аттаах киhи к?р?стэ. Тылбаастатан истибиттэрэ, «мантан олох бары?» дииллэр эбит.
Биллэн турар, Бекетов онно с?б?лэспэтэ. ?ск?т?н т?н?ннэхтэринэ, ону истэннэр, ким да?аны дьаhаах т?л?? суо?а. Оччо?о олох сатамматтар.
Петр Бекетов суос бэринэ таарыйа «тойо??утугар тиийэн эти?, сэриигэ бэлэмнэнниннэр» диэн илдьиттээтэ. Кини сахалар охторуттан то?уур куйа?ынан хаххаланыахпыт, бэйэлэрин ?рэр тимир саанан ытан дьулатыахпыт диэн б?к эрэнэр. Ха?аактар адьас эдэр саастарыттан сэриилэhэ ??рэммит дьон. Онон син биир тулутуохпут суо?а диэн санаалара б???х.
Ол эрээри Баатылы ууhун дьоно олус дьаныардаахтык утарыластылар. К?н? быhа быыстала суох барбыт кыргы?ыыга уонтан тахса киhилэрин охторбуттарын кэннэ, дьэ бэринэн, тобуктуу т?hэн, илиилэрин ?р? ууннулар. Сорохторо тыа?а куоттулар. Но?ой Боотур т?г?р?йб?ттэрин кэннэ, икки баатыры кытта м?чч? т?hэн тыа?а куотта.
Нууччалартан икки киhи ?лл?. Уонча киhи бааhырда. Иилэ?эс тимир куйахтаах, охтон хаххаланар щиттээх буоланнар, элбэх с?т?к тахсыбата. Ха?аактары бэриннэрэн баран, сэриигэ кыттыбыт дьону барыларын умса сытыартаан, ?с хос тирии кымньыыларынан таhыйдылар. Дьинтиис о?онньору бэйэтин эмиэ таhыйан сордоотулар. Кэhэлтэ буоллун.
Петр Бекетов санаата т?стэ. Сир аайы маннык буолла?ына куhа?ан буолсу. Туох да бэрээдэккэ, дьаhаах т?л??ргэ ??рэммэтэх дьиикэй сахалары хайдах к?нн?рт??р? Утарыласпыт дьо??о сымнаан биэрэр эбэтэр ча?ыйбыты, куттаммыты биллэрэр олох табыллыбат. Оччо?о ким да?аны дьаhаа?ы т?л?? суо?а. Бачча ыраах сиргэ бэрт эрэйинэн кэлэн баран, дьиикэй омуктары государь кытаанах илиитигэр киллэрдэххэ табыллар. Киллэриэм диэн к??стээх санааны ылынан кэллэ?э дии. Мантан т?нн??h?лэр. Икки а?ыы хайдыhан, атын улуустарынан барыахтаах этилэр. Киhитэ а?ыйах. Со?урууттан дьон эбии кэлэллэрэ буоллар…