Чтение онлайн

ЖАНРЫ

?йэ кирбиитигэр
Шрифт:

– Они прятались у своих баб и убили казака.

– Убили, потому что мы начали ломать дверь.

– Ладно. Не будем об этом говорить. Царский наказ велит непослушных смирять войною. Покорение иноземцев никогда не бывает без жертвы.

– Как бы их от государева руку прочь не отгонять.

– Они никуда не уйдут. Говорят, кругом тайга, горы. Вот увидишь, вскоре с ясаком придут в острог.

Ха?аактар д?пс?ннэри урусхаллаабыттарын, кыс хаар ортото дьиэлэрин уоттаабыттарын, онно о?олор, дьахталлар умайан ?лб?ттэрин туhунан ынырык сурах сир-сир аайы долгун курдук тар?анна.

Сотору урут дьа?аах т?л??б?т?х а?а уустарын баhылыктара остуруокка кэлитэлээтилэр.

Бэл, урусхалламмыт аймахтан Д?пс?нтэн тойонноро ?сп?х кэлэн дьаhаах т?л??н, бас бэринэрин биллэрдэ. Дыгын уолаттара ?лк?р?й, Чаллаайы киис кэhиилээх кэллилэр. Бахсыттан Т?h?лгэ, Н??р?ктээйиттэн Чыппа Кэрэмэй, ыраах Иэгэдэй ууhуттан Модьукаан уола Тиhикээн кэлэн бардылар.

Онон Бекетов эппитин курдук буолла, о?уруотаа?ар кымньыы ордук эбит дэ?эллэр ха?аактар.

* * *

Муус устар – ичигэс ый. Аламай к?н ??hэ тэгилийэн тахсан, к??х урсунтан ча?ылыйа тыгар. К?нтэн к?н ??ннэ?ин аайы салгын сылыйан, хаар суоллан, чарааhаан, ый б?т??тэ сир хараарар. Онно-манна сыккыс уута с??рэн дьирибиниир, холдьугуруур. Са?а кэлбит тылбыйар кынаттаах элбиир.

Саас барахсан кэлэрин ордук дьада?ы ыал кэтэhэр. Ас быстан, тиит субатын кыhыйан ?ссэммит дьо??о ынах т?р??рэ – ?л?скэн ??р??. Тордуохтаах иккис ынахтара т?р??н ??ртэ. ?h?с ынахтара Ма?аачай синньии илик. К??ххэ ?ктэнэн баран т?р??рэ буолуо. Онон мантан инньэ ?р?? ас баар.

Саттаар куртуйахха туhахтаан хаhы да ылла. ?р??б? былдьырыыкка, бараахха, куска тиргэлиир. Тордуох туутун угаары ырбыы тахсарын кэтэhэр.

Ханна эрэ сэрии, ?л?рс??, сор-му? буоларын алааска б?гэн олорор киhи билбэт, ?h?-таамах курдук сура?ын эрэ истэр. Саттаар к?h?н а?атыныын Мымах баайга б?тэй туппуттара. Ол т?л?б?р?гэр диэн, сап-саhархай буолуор диэри ыыhаммыт чараас сарыыны биэрбитэ. Онон мааныга кэтэр сайы??ы сону тиктэрбитэ. Урукку сонугар холоотоххо, сымна?аhа, чарааhа, ?ч?гэйэ с?рдээх. ?ч?гэйдик ыыhаммыт сарыы сытыйан баран тартаччы хаппат. Ардахха сытыйда?ына, кыратык сара?ытан баран, имитэн кэбисти? да бэйэтэ бэйэтинэн буола т?hэр.

К?h?н хаар т?сп?т?н кэннэ, Саттаар, ??тээ??э олорон бултаан, ?с кииhи, уонча тии?и ?л?рб?тэ. Икки киис тириитин Мымах баай ылбыта. Онтуката туох да т?л?б?рэ суох нууччаларга т?hээн быhыытынан барар т??лээх ?h?. Ол оннугар Мымах саас быстарыыга тыhа?ас т?б?т?н биэрбитэ.

Саттаар б?г?н эмиэ куртуйахха ииппит туhа?ар барда. Сорох туhа?ын атын сиргэ к?h?р?н иитэр санаалаах. Урут чугас алаас тумулугар ииппитэ да, онтон к?h?р??h?. Ити тумулга куртуйах т?спэт эбит. Куруук мэлитэр.

Туора-маары ааннаан ииппит то?ууларыгар кэлэн, туhах баайыллыбыт синньигэс туорай мастары ылаттаан, холбуу тутан с?гэн, алаас ар?аа ?тт?нээ?и и?нэри ырааhыйа?а а?алла. Бэ?эhээ куртуйахтар бу ырааhыйаттан к?пп?ттэрэ.

Синньигэс ??л титириктэри бысталаан, т?б?л?р?н уhуктаан бэлэмнээтэ. Кыратык бааhырдан баран б?к баттаан, арахсыбат гына тоhутан, уhуктарын сиргэ батарыта анньан, ааннаан, то?уу о?ордо. Аанын ?рд?нэн туhахтаах туорай маhы уурда. Халбыйа сылдьар кыл туhа?ын, б?к тутуллубут икки отунан туттаран, т?г?р?тэ тэниттэ. Тутар оттору аан туорай мастарыгар кыбытан и?иннэрэр. То?уу быыстарын тала?ынан э?ин б??лээтэ. Туора-маары ааннаах биэс то?ууну о?ордо. С??рбэччэ туhахтаах да, барытын биир сиргэ ииппэт. Элбэх сиргэ тэнитэн ииппит ордук. Кэм эрэмньилээх буолар.

Онно-манна иитэлээбит туhахтарын кэрийэн, б?г?н биир хара куртуйа?ы ылла. Байанай биэрбитин мыыммат ба?айыта. Сарсын, ба?ар, ?лг?мн?к бултуйуо. Туhах иитиллибит сиригэр куртуйах с??лэ т?бэстэ?инэ, аахтара кэриэтэ ылааччы.

Тиhэх туhахтарын к?р?н баран, суолга киирэн дьиэтин диэки

хаамар. Б?л?х-б?л?х ч?м?хт?h? ??мм?т уhун уктаах ньургуhуннар биллэр-биллибэт сиккиэргэ эйэ?нэhэ хамсыыллар. Сааскы ньургуhун хойуутук ??мм?т буолла?ына, ?? сайын кэлэр диэччилэр.

Тыа са?атынан баран иhэн, утары Ну?нуур кыыс иhэрин к?р?н с?рэ?э м???л гынна. Сирэйэ итийбитин биллэ. Кыыс со?отох. Чугаhаан кэллэ. Ыыhаммыт ара?ас сарыы сутуруолаах, хара саары этэрбэстээх, уhун та?алайдаах8.

– Хайа, куртуйах ?л?рб?кк?н дуу? Хара куртуйах, – о?олуу чэбдик сирэйдээх кыыс ордук тупсубут, т?л?h?йб?т. Бэйэтин кэрэ сэбэрэтинэн уолаттары симитиннэрэрин билэр кыыс чобуотук туттар.

– Мэ, эйиэхэ биэрэбин, – туох диэ?ин билбэккэ симиттибит уол ?й?гэр к??рэйбит санаатын этэр.

– Кырдьык, миэхэ биэрэ?ин дуо? – кыыс ылыах курдук илиитин уунар.

– Кырдьык.

– Суох, ылбаппын. Дьиэ?эр кураанах тиийиэ? дуо. Дьону? кэтэhэн олороллоро буолуо. Хата, миэхэ ньургуhунна бэлэхтээ, – кыыс мичийэ ымайар.

– Кырдьык, дуо? – Саттаар дьээбэрэн этэр дуу дии санаата.

– Кырдьык этэбин.

– Мин эйиэхэ ?ч?гэйин талан биэриэм.

– Суох, талыма. Ньургуhун барыта ?ч?гэй.

Уол суол кытыытыгар ??мм?т б?л?х ньургуhуну туура тардан ылан кыыска туттарар.

– О?олор мустан оонньоотохторуна кэлээр. Кэтэhиэм.

Кыыс ньургуhуну сытыр?алаан к?р?р.

– Хаhан муста?ыт?

– Сотору тэрийиэхпит. Мин Мындай уолга этиэм. Иhиттэххинэ кэлээр. С?п дуо?

– С?п. Кэлиэм.

Саттаар са?а тиктэрбит сарыы сонун санаан аhарда. Дьиэтин диэки хааман иhэн эргиллэн к?рб?тэ – кыыс, тыа тумсун эргийэн иhэн, эмиэ кини диэки хайыста. Уол туох эрэ ??р?? долгунугар к?т???ллэн, чэпчээбит курдук буолбут. К?н ча?ылыгар сырдаабыт к??х халлаан, киэ? алаас, намылыйбыт хаты?нар, эйэ?нэhэр ньургуhуннар эмиэ ??рс?б?т курдуктар. «?ч?гэй да?аны!» диэн са?а аллайыан ба?арда.

* * *

Улуу ?р?с к?м??л мууhун ?лт? к??рэлээн, хоту диэки тохтоло суох уhуннаран, аhаран, халаан уута намыhах сири ылан кэ?ээн нэлэhийбит. Билигин да?аны ыраах ??скэ быстах муустар усталлара к?ст?р. Сибиэhэй балыгы сиэбэтэхтэрэ ?р буолбут дьон уу т?hэрин кэтэhэллэр.

Петр Бекетов оронугар тиэрэ т?hэн сытта?ына, Л?г?й тойон кэллэ диэн эттилэр. То?о кэллэ?эй? Саха тойотторуттан кини эрэ нууччаларга до?ор-атас буолбута. Атыттар чугаhаабаттар. Аты?ырыыллара биллэр. Атамаан тылбаасчытын Петрушканы ы?ыртарда. Эстэрээппэ дьахтарга «аста бэлэмнээ» диэн соруйда.

Сотору Л?г?й киирэн с?г?р?йэр. Со?отох. Туох да кэhиитэ суох кэлбитин Бекетов дьиибэргии санаата. Туох эрэ буолбут буолла?а дуу?

Ма?най к?нн?р? олох-дьаhах, хайдах олороллорун э?ин туhунан кэпсэттилэр. Сахалар с?р?н соруктарын тута этээччилэрэ суох.

Л?г?й аhыы олорон санаатын этиэн иннинэ, тус бэйэ?эр этэбин диэн, асчыт саха дьахтарын таhаартарда. Тылбаасчыттыын ?h?? буолан хааллылар.

– Тойон, бу дойдуттан барыаххын наада, т?ргэнник, – диэн Л?г?й этиэх буолбутун дьэ эттэ.

– То?о диир тойон, – Петрушка Бекетов тылын сахалыы тылбаастыыр.

– Эйигин ?л?р??р? соруналлар. Ол туhунан сир-буор аннынан чып кистэлэ?инэн кэпсэтии баар диэн сура?ы иhиттим. Ону этээри кэллим, – Л?г?й, ким эрэ истиэ диэбиттии, и?нэх гынан аргыый са?арар.

– Ким тэрийэрий? ?сп?х дуо? – Петрушка эмиэ тойонун тылын тылбаастыыр.

– Ким тэрийэрэ биллибэт. Хааннаах дапсыыр9 буолуо диэн куттанабын. Би?иги, сахалар, хаан то?унна?ына, ону иэстэ?эр ?гэстээхпит. Былыр-былыргыттан оннук этэ. Онон эрдэ-сылла дойдулаа, бар. Ол ордук буолуо.

Поделиться с друзьями: