Чтение онлайн

ЖАНРЫ

?йэ кирбиитигэр
Шрифт:

Онон бэрт т?ргэнник киэ? Сибиир к?нд? т??лээ?ин – «сымна?ас валютаны» хомуйар сорук тирээбитэ. Ордук ?рд?к сыана?а атыыланар киис тириитигэр наадыйыы к????рб?тэ. Иэнэ-куйаара биллибэт киэ? тай?а?а, кураанах тымныы дойдуга сулууспалыы барыан ба?алаах дьону хомуйбутунан барбыттара. Хаа?ына т??? да кураана?ын и?ин, онно барааччыларга, хамнастарын харчынан уонна бурдугунан т?л??р бэрээдэги олохтоон, ?ч?гэйдик тэрийэн ыыталыырга бы?аарыммыттара.

?сс? ааспыт XV ?йэ кэнники сылларыттан са?алаан, ыраах Сибииргэ атыы?ыттар, булчуттар, баа?ынайдар барыталаабыттара. Баа?ынайдар помещик батталыттан к?рэнэн, сирдэрин былдьатан э?ин, са?а сиргэ тиийэн олохсуйаары к???лл?р?.

Ма?найгы экспедицияны ?сс? 1600 сыллаахха тэрийэн ыыппыттара. Онтон

сотору иккис улахан экспедиция барбыта. Дьон сытыылара, ?с ?рг?ст??хт?р?, са?аттан са?а сири арыйан, симиэбийэ тутан, олохтоох омуктартан киис тириитин хомуйаллара. Ол сылдьан то?оллоро-хаталлара, аччыктаан-хоргуйан аара суолга ?л?лл?р?-с?тэллэрэ. Ону ол диэбэккэ, байар ту?угар онно-манна тиийтэлээн, кэлин элбээн, у?уктаах т?б?л??х мас кириэппэстээх остуруогу туталлара.

Олохтоох омуктартан сыл аайы киис тириитинэн дьа?аах хомуйар воеводстволар тэриллибиттэрэ. Т?л??б?т, к?рэнэр буоллахтарына, тойоннорун эбэтэр хары?ыктаах ки?илэрин тутан ылан аманаат диэн ааттаан хаайыыга олордоллоро. Утары ууналлара диэн о?уруо, алтан хочулуок, хор?олдьун тэриэлкэ буолара.

Воеводство тэриллибит сиригэр баа?ынайдары а?алан бурдугу ыстараллара. Промысловиктар диэн ааттанар булчут дьон ханна эмэ тиийэн симиэбийэ туттан кыстаан олорон кии?и, са?ылы бултууллара. Булчуттар туох да хамна?а суох буолан, бултаабыт т??лээхтэринэн к???л эргинэр бырааптаахтара. Арай бултаабыт т??лээхтэрин уон быры?ыанын хаа?ына?а босхо туттарыахтаахтар. То?ус уон быры?ыана воевода быспыт сыанатынан хаа?ына?а атыыланар. Булчуттар ха?ан ба?арар дойдуларыгар т?нн?р бырааптаахтара. Оттон «служилые люди» диэн ааттанар дьон хамнастаах буолан бултуур бырааптара суо?а. Толору сэрии сэптээх, куйахтаах, дьи?нээх сэрии дьоно буолаллара. Кинилэр эбээ?инэстэрэ – дьа?аах хомуйуута, наада буолла?ына, сэриилэ?ии. Кинилэри а?ынан-та?а?ынан государство хааччыйара. К???лэ суох дьиэлэригэр т?нн?р бырааптара суо?а. Бу дьон бары кэриэтэ ох саалаах ха?аактар этэ. Кинилэргэ к?м? бы?ыытынан пищаль диэн тимир саалаах стрелецтэр сы?ыарыллаллара.

1619 сыллаахха ыраахтаа?ы ыыппыт саалаах-сэптээх дьоно Енисей ?р?скэ кэлэллэр. Хайыы ?йэ биир сыл и?игэр бу ?р?с э?ээрин ба?ылыыллар. Енисей орто с?ннь?гэр остуруок туталлар. Атын суолунан хотунан кэлбит дьон Мангазейга (Таз ?рэххэ) эмиэ остуруок тутан ту?унан буруо та?аараллар.

Промысловиктар, сулууспалаахтар ортолоругар э?ин араас дьон бааллара. Сэрииттэн дойдуларыгар эргиллэн, туга да суох хаалбыт дьон сулууспа?а киирэллэрэ. Олор истэригэр эстэн хаалбыт дворяннар, боярдар о?олоро, бэл билиэ??э т?бэспит поляктар бааллара. Ороспуонньуктар саайкаларыгар сылдьыбыт харса-хабыра суох урдустар, араас авантюристар, хаамаайылар эмиэ холбо?оллоро.

Тиийиммэт-т?гэммэт ыарахан олохтон кы?арыллан кэлбиттэр да бааллара. Бары хоту дойдуга кэлэн, к?нд? т??лээ?и хомуйан байалларын санаатахтарына, утуйар уулара к?т?р, харахтара ча?ылыйа т??эр дьон. Са?аттан са?а сири арыйар, элбэ?и билэр-к?р?р эмиэ туох эрэ тартарыылаах буолааччы. Ол ту?угар т?л?нн??х с?рэхтээх хорсун эр бэртэрэ ханна тиийбэтэхтэрэ, тугу о?орботохторо баарай…

* * *

Ха?аактар олохтоох омуктартан ханна туох сир баарын, онно хайдах тиийиэххэ с?пт????н, т??? бултаа?ын, туох дьонноо?ун э?ин куруук ыйытала?аллара. Кими эмит к??стэринэн тутан ылан эбэтэр бэйэлэригэр тардан табаарыста?ан сирдьит о?остоллоро.

Сирдьитэ суох тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ, муна сылдьан баран т?нн?лл?р? элбэх буолара. Хайаны эргийэ сылдьыбыт, суолга муна сылдьан быстарбыт т?бэлтэ элбэ?иттэн кэ?элтэ буолбуттара ыраатта. ?р?с туора салаатын ?кс?й?н к?рд?хт?р?нэ, ?рэх бастара холбо?ор куо?ахтарыгар, дул?а ?р?йэлэргэ тиэрдэн кэби?эр. Сирдьитэ суох т?? тай?а?а хайдах да сатамматтар.

Мангазейтан сылдьар промысловиктар Нижнэй Тунгуска ?рэх ???ээ ?тт?гэр тахсан, симиэбийэ туттан, бултуу сылдьаннар, то?устартан илин улахан ?р?с баарын истибиттэр. «Сылгылаах, ынах с????лээх, элбэх киистээх дойду баар ???» диэн сурах Мангазейга

и?иллибит. Сахалыы билэр то?ус ки?итэ «илин» диэбитин, нууччалар «Лин» диэн ?йд??б?ттэр.

Лин диэн улахан ?р?с баар сура?а ?г?с ки?ини долгуппут, ымсыыларын к?б?пп?т. Сотору кэминэн онно тиийэргэ тэриммитинэн, суолун-ии?ин хайбытынан барбыттар. Ол эрээри са?а истибит, билбэт да, к?рб?т?х да дойдуларыгар баралларыттан саллыбыттар. Государство ?й?б?лэ суох барар кыахтара да суох. «Илин Лин диэн улахан ?р?с баар ???» диэн Тобольскайга биллэрбиттэр.

Ма?най Туруханскайга тэриллибит т??рт уон ки?илээх Пенда диэн ки?и этэрээтэ, Нижнэй Тунгусканы ?кс?й?н, ?рэх ???ээ ба?ыгар тиийэн симиэбийэ?а кыстыыр. Ыраах айа??а барыахтарын иннинэ ?ч?гэйдик бэлэмнэнэллэр. Алталыы-сэттэлии ки?и олорор, хонууга со?ор чэпчэки каюктары о?остубуттар.

Саас муус устар ыйга сындал?аннаах у?ун айа??а туруналлар. Нижнэй Тунгуска ба?ыттан Б?л??гэ т??эр Чурки ?рэх ба?ыгар диэри ар?ас сири, каюктарын табанан состорон, та?а?астарын ы?ыырдан, с?гэн э?ин, бэрт эрэйинэн айаннаабыттар.

Онтон Б?л??гэ т??эн, уунан устан, т?рд?гэр тиийэн, саха бала?анын булан кыстыыллар. Лин диэбит ?р?стэрин Лена диэн ааттыыллар. То?устартан киис хомуйаллар. Э?иилги сайыныгар Лена ?р??? ?кс?й?лл?р. Сахалар б?л?хт??н олорор сирдэригэр кэлэн тохтоон, киис тириитэ хомуйаллар. Са?а билсибит сахаларыгар о?уруо, дьо?ус алтан хочуолу биэрэллэр. К????р? эмиэ Ленаны ?кс?й?н, Олоохуна ?р?с т?рд?гэр кэлэн симиэбийэ туттан кыстыыллар. То?устартан т??лээх хомуйаллар. Н???? сайын Ангара ?р?скэ тиийэллэр. Онтон Туруханскайга кэлэллэр.

Бу сырыыларыгар ханна да?аны утарсыыны к?рс?бэттэр. Арай Ангара б?рээттэрин кытта хабырыйсыы буолбут. Б?л??, Лена ?р?с э?ээригэр олорор табалаах, ынахтаах, сылгылаах омуктар сымна?ас эбиттэр диэбиттэр. Икки сыллаах айан буолуо диэн былааннаабыттара т??рт сыллаах айа??а кубулуйбут. Бурдуктара б?тэн, хоргуйан, ыксаан кэлбиттэр. Ол оннугар киис тириитэ б???н? а?алан хаа?ына?а туттараллар. Хара са?ылы, уу буобуратын эмиэ хомуйбуттар.

Туруханскайга кэлэннэр, ханна сылдьыбыттарын чып кистэлэ??э туталлар. Ол эрээри ыраах ?т?мэн элбэх киистээх, элэккэй дьонноох улуу ?р?с баар ??? диэн сурах сири-буору аннынан тар?анар. Пенданы кытта сылдьыбыт дьон, то?о эрэ сулууспаларыттан уурайан, са?ата суох дойдулаан хаалбыттар. Онон бэйэлэригэр балачча элбэх т??лээ?и и?эриммит буолуохтаахтар диэн сэрэйэллэр.

* * *

Иккис байыаннай экспедиция Тобольскайга тэриллэр. Ба?ылыгынан Новацкай диэн поляк ки?итэ талыллар. 1628 сыллаахха атырдьах ыйыгар Енисейскэйгэ кэлэллэр. Олохтоохтор са?а дьону ха?ыстык к?рс?лл?р. К???н?лл?р. Енисейскэй воеводата биир эрэ эргэ судноны биэрэр. Кинилэргэ аара Антон Добрынскай ба?ылыктаах нуучча дьоно холбо?он, Нижнэй Тунгуска?а диэри барсаллар. Новацкай Нижнэй Тунгуска?а кэлэн, Пенда кыстаабыт симиэбийэтигэр тохтоон кыстыыр. Ол эргин сылдьар то?устартан киис тириитин хомуйар. Бэйэлэрэ эмиэ бултууллар. С?г?н т?л??б?т то?устартан, хары?ыктаах ки?илэрин тутан ыланнар, аманаат диэн ааттаан, хаайыыга олордон к??эйэллэр.

Э?иилги саа?ыгар Антон Добрынскай уонна Мартын Васильев диэн ха?аактар ба?ылыктаах отучча ки?илээх этэрээт тэриллэн, ыраах баар Лена ?р?с диэки айанныыр. Дьон чулуутун, хорсунун, сырыыны сылдьыа диэбиттэрин талан ыыталлар. Сорохторо саллан барбаттар. Чугас эргин сылдьан бэйэлэрэ бултуулларын с?б?л??ллэр. Ар?аа Сибииргэ холоотоххо, киис элбэх. Айа??а турбут дьон Б?л??гэ тиийээри саас эрдэ хаардаахха айаннаан, эрэй б???н? к?р?лл?р. Ол да буоллар, сындал?аннаах айантан толлубакка, хаайтарбакка, Б?л?? т?рд?гэр тиийэн, Ленаны ?кс?й?лл?р. Сахалар т??лбэлээн олорор сирдэригэр кэлэн кыстыырдыы о?остоллор. Киис тириитин хомуйаллар. Ол хомуйалларыгар ыаллары т??рэйдииллэр, кы?арыйаллар. Кымньыыны да тутталлар. Ат хомуйаллар. Сэрэххэ кыракый остуруок туталлар. Ол аата, симиэбийэлэрин эргиччи ки?и кыайан киирбэт гына, у?уктаах сонос ба?аналары кэккэлэччи туруортууллар. Онно саха дьонун тутан а?алан ?лэлэтэллэр.

Поделиться с друзьями: