?йэ кирбиитигэр
Шрифт:
– Оттон тыыннаахпын. Э?иги хайдах олордугут?
Ытык кырдьа?ас сэргэхсийбит курдук буолан, ыалдьытын кытта кэпсэтэр. То?ус уоннаах о?онньор диэтэххэ, сирэйэ-хара?а сэргэх, ?й?-санаата ?ч?гэй эбит. Дьиэлээх дьахтар о?оххо харда?ас уурталыыр. К??скэ уу кутан, сылытан уокка чуга?атар. Та?ырдьаттан улахан хатыы?ы хайыытыттан тутан намылытан киллэрэн, ха?ас диэки ас астыыр кыра сибиэ2 ?рд?гэр уурда.
А?а ба?ылык о?остон кэлбит с?р?н соругун уталыппакка толорордуу о?о?унна. О?онньорго со?урууттан (ар?ааттан) туора омуктар кэлиэхтэриттэн ыла нус-хас олохторо огдолуйбутун, дьон айманарын ту?унан кэпсиир. О?онньор
– Арахсыбат абаа?ылар буулаатылар. Би?иги сирбитигэр-уоппутугар дьиэ-уот туттан, олох олохсуйардыы санаммыттар ???, – о?онньор дьэ са?а та?аарда.
– Ма?най улахан муруннаах омуктар кэлэннэр киис тириитин хомуйан барбыттара сэттэ дуу, а?ыс дуу сыл буолла.
– Ол ?ч?гэй дьон этилэр буолбат дуо?
– Сымна?астар этэ. Би?и да сонур?аан ?ч?гэйдик к?рс?б?пп?т. Оттон бу кэлин кэлбиттэр адьас атар абаа?ы дьон. А?а уустарын кэрийэн, ыал аайы киирэн, киис тириитин к?рд??н дибдийэллэр. Утарыласпыт ки?ини кымньыынан та?ыйаллар, тыыннарын да бы?ыах курдуктар. Киис тириитин сыл аайы биэриэхтээх ???б?т.
– Э?игиттэн т??? кии?и хомуйдулар?
– Би?и аймахтан Уйбаан нуучча с??счэкэ киис тириитин ылбыта. Онно с?п буолбакка, дьахтар сабыс-са?а киис са?ынньа?ын эмиэ былдьаан бардылар. С?рдээх адьыр?а дьон. Онон эйиэхэ с?бэлэтээри кэллим. Хайдах буолабыт?
О?онньор са?арбат, тугу эрэ эргитэ саныыр бы?ыылаах. Дьахтар уокка уурбут к???э оргуйаары ?лл?б?т?н кытыыга тардар.
– Дьон айманар. Сир-сир, уус-уус аайыттан баатырдары мунньан, ??ртэлээн кэбистэххэ хайдах буолуой? С?бэлээ.
– Кыайыаххыт дуо? Сура?а, ?рэр тимир сааларыттан баатырдар олус дьулайаллар ???.
– Бары саба т?стэхпитинэ, кыайыа этибит. Кырдьык, ?рэр тимир сааларыттан дьон куттанар. Ол эрээри тимир саалара ?ч?гэй куйа?ы хоппот ???. Оннук кэпсииллэр билбит дьон. Уонна тимир саалара а?ыйах бы?ыылаах дииллэр. Сорох сиргэ утарыла?ан ытыаласпыттар ???.
– Биирдэ нууччалар ?р???нэн устан аа?ан и?эн, би?иэхэ тахсан а?аан ааспыттара. Онно к?рд?хх?, к?м?скэлэрэ дири?э бэрт, бука, ????н санаалаах дьон бы?ыылаах. Билигин ??рдэххитинэ да?аны, кэлин элбэх буолан кэлэн имири э?иэхтэрэ. Быстах кыайыы кэлин улахан алдьархайга тиэрдиэ?э.
– Оччо?о хайыыбыт? Олорон биэрэбит дуо? Киис эрэ хомуйбаттар, аппытын ылаллар, с????б?т?н ??рэн илдьэллэр.
– Бары саба т?стэхпитинэ диэхтиигит. Ураа?хай саха ?рэх бастарынан, кыйаар сирдэринэн, хоту таас дьаа?ы н???? тиийэ ы?ыллан-тар?анан хаалла. ???-саа?ы тутааччы, хоргуппут-хомойбут да элбэх. Билигин кэлэн хос т?мэр, сомо?олуур бука кыаллыбата буолуо. Бар дьо??ун эрдэ т?мп?т??, сомо?олообуту? буоллар ньии?!
– Сыыспыппын, кырдьа?аас, буруйдаахпын. Эдэр сааска ки?и эрэ ха?ыл, дохсун буолар… – Дыгын ситэ эппэккэ ба?ын санньытар. Кини кырдьыгын этитэн ытык кырдьа?аска с?р?н баттатта.
– Эдэр эмньик сааскар мин эрэ бэрпин диэн атыыр о?ус буолан а?аардастыы айаатаабыты?. Ол ????н?н, абатын атын баттаммыт уустар умнубуттара буолуо дии саныыгын дуо?
– Суох-суох, умнубаттар…
– Хата, Куллатыга хам бааччы олор. Кырдьан бара??ын кыа?ы? та?ынан сорукка ылсыма, кыргы?ы та?аарыма. Ыччаты? инники кэскилин санаа. Мин с?бэм оннук…
Улуу Туймаада килбэйэр киинигэр киэ? К??рээйигэ олорор ?й?к баай дьиэтэ ыраахтан к?ст?р. Сир таа?а3 т?нн?ктээх, ортотугар тулаа?ын ба?аналаах улахан бала?ан, икки курдуулаах туос далла ура?а, хоспох, алта муннуктаах, ортотугар холумтаннаах
мас ура?а, сарай, хамначчыттар дьиэлэрэ, к?р??-ха?аа баар.Дьиэлээх тойон бала?анын и?игэр кэтэ?эриин оро??о ч?м?хт?? хомуллубут утуйар та?а?ыгар ?й?н?рд?? сытар. О?оххо уоту бы?ымаары ууруллубут икки харда?ас сэниэтэ суох умайар. Са?а-и?э суох. Арай хаппахчы и?игэр кыргыттар к?лсэр са?алара и?иллэр.
?й?к – сылгынан байбыт ки?и. Уон атыыр ??рдээх. Ынах с????н? элбэ?и туппат. Бу чугас эргиннээ?и ыаллар бары кини ?лэ?иттэрэ. ?лэлииллэрин и?ин а?ынан-та?а?ынан хааччыйар. Саас быстарыыга салгыыр. Саа?ынан кырдьа?а?а суох, т??рт уон а?ы?а. Икки ойохтоох. Иккис одьулуун ойо?о с????т?н к?р?н ту?унан олорор. Ма?найгы ойо?о Мыла?ныыр хотун киниттэн икки сылынан а?а. А?ата Ньыкка ?й?к уон алталаа?ар уон а?ыстаах кыы?ы кытта холбообута. ??рэнэн хаалбычча, ма?найгы ойо?ун кытта олорор. Иккис ойо?ор ыйга биирдэ баран, хас да хонон кэлээччи. Уонна манна уон сэттэ саастаах таптыыр мааны кыы?а Сэгэттэй олорор. Иккис ойо?о эмиэ саа?ырда. Т??рт уончалаах дьахтар. Киниттэн икки о?олоох. Дьахтар т??рт уонуттан та?ыста да кэхтэн барар, онон ???с эдэр ойохтонуон ба?арар. Ки?и саа?ырда?ына, эдэргэ ордук тарды?ар буолар эбит.
Ха?алас ?т??лэрэ бары кини ?йэ-хайа аймахтара. Э?этэ Мунньан Дархан эмиэ ха?аластары ба?ылаабыт ытык ки?и этэ. ?й?к бэйэтэ эдэригэр да?аны к????нэн ?тт?йб?т???, кыргыска кыттыбата?а. А?атын баайын ха?атан, билигин ?ч?гэйдик олорор. Дьон-сэргэ бары т?с-бас, холку майгытын, дьа?аллаа?ын и?ин кинини ытыктыыллар, иннин бы?а хаампаттар.
– Тойонуом, ?р?с диэкиттэн нууччалар и?эллэр! – дии-дии, та?ыттан кулут уол с??рэн киирдэ.
?й?к хайдах эрэ дьик гына т?стэ:
– И?эллэр даа?! Хас ки?и и?эрий?
– Уончалар.
?й?к туран хааман хаа?алдьыйан тиийэн, хаппахчы аанын ???й?р.
– Хотуйдаар, тахсан дьалты буолу?! Мин ы?ыырдаах аппын миини?. Нууччалар и?эллэр ???. Чэ, т?ргэнник, – диэн, ?й?к кыргыттары тиэтэтэр.
Икки кыыс хаппахчыттан тахсан, та?ырдьа куоталлар.
– Бу алдьархайы! – дьиэлээх дьахтар ха?ас оро??о иистэнэ олорон, эмиэ куотуох курдук эрин диэки к?р?р.
– Эн ханна да барыма. Тыыппаттар ини, ама хайа ?л?гэрий, – ?й?к ыар ыалдьыттарын к?рс??р? тахсар.
Дьиэлээх ки?и ыалдьыттары с?г?р?йэн к?рс?р. Дьиэ?э ы?ыран киллэрэр. Нууччалар сааларын-сэптэрин илиилэриттэн араарбакка тута сылдьаллар. Саха майгытын бы?ыытынан, ыраахтан кэлбит ыалдьыт, эйэ дэмнээх буолла?ына, саатын-саада?ын дьиэ?э киллэриэ суохтаах. Сэрии, булт сэбин ыйыырга аналлаах ?с к?х?л??х саадах сэргэ ат баайар сэргэттэн тэйиччи турар. Нууччалар, саха майгытын билбэт буоланнар, онно кы?амматтар. Ба?ар, сэрэхэчийэллэрэ да буолуо. ?й?к ыалдьыттарын сирэйдэрэ-харахтара сымна?а?ын к?р?н уоскуйа санаата. То?о кэлбиттэрэ буолла? Эйэ дэмнээх буоллаллар ?ч?гэй этэ. Ки?и эрэммэт дьоно.
Петр Бекетов ?й?ктэн, Петрушканан тылбаастатан, ханна кимнээх олороллорун, т??? элбэхтэрин, онно хайдах тиийиэххэ с?б?н э?ин ыйытала?ар. Сахалар биэрэстэ диэни билбэттэрин, сири к???нэн кээмэйдииллэрин билэр.
Хамначчыт уолаттар ыалдьыттарга сиэтээри, эмис ты?а?а?ы ?л?рд?лэр. Киэ?э ыалдьыттар далла ура?а и?игэр ы?ырыллан, а?аары сибиэ?э олордулар. ?й?к ыалдьыттарын буспут эдэр с???? этинэн, ?р?с басты? балыгынан а?атта. Нууччалар кымы?ы, кыыймыт ??т? и?эллэр эбит.
– Ыл, ыйыт эрэ, со?уруу дойдуларыгар ха?ан бараллар ???н?й, – ?й?к а?ыы олорон, ма?най кэлбит нууччалар киис тириитин хомуйан баран т?нн?б?ттэрин санаан, ыйытар.